Салгыы
Халтараантан сылтаан 200-тэн тахса киһи эчэйдэ

Халтараантан сылтаан 200-тэн тахса киһи эчэйдэ

26.03.2024, 11:56
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Кулун тутар 18-25 күннэригэр 600-тэн тахса киһи Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа-Мэдиссиинэ суһал киинин травматологияҕа пуунун өҥөтүнэн туһанна.

«Халтараан кэмигэр эчэйэн кэлэр дьон ахсаана күн аайы эбиллэ турар. Ону таһынан котуоктарга уонна араас аралдьытар сиргэ тостууну ылан уонна быһа түһэн кэлэллэр», – диэн Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа Эйэчиигэ киинин поликлиникатын отделениетын сэбиэдиссэйин э.т. Игнатий Семенов иһитиннэрдэ.
Травматолог-быраастар эчэйии кэнниттэн бэйэ эмтиэкэлэммэккэ,  тута мэдиссиинэ көмөтүнэн туһанарга сүбэлииллэр. Тоҕо диэтэххэ, эмтэниигэ күндү бириэмэни мүлчү тутуохха сөп.

Халтарыйан эчэйбэт туһугар эмчиттэр маннык сүбэлииллэр:

– Халтарыйбат атах таҥаһын кэт;

– Хааман иһэн атаҕыҥ тумсун көр, тоҥ муус үөскээбит сирин «хайыһардьыт» курдук туттан сэрэнэн туораа;

– Кыра-кыратык хардыылаа;

– Уллуҥаххынан сэрэнэн үктэн, тобук сүһүөҕүн арыый босхо ыытан хаам;
– Илиигин сиэпкэр уктарыҥ охтор кутталы улаатыннарар, онон илиигин төһө кыалларынан босхо ыыт;

– Кырдьаҕас киһи эрэһиинэ уллуҥнаах эбэтэр анал тайахтаах сырыт;

– Халтарыйар түгэҥҥэ чэпчэкитик охтор туһуттан түргэнник олоро биэрэ сатаа, турарга тиэтэйимэ, кими эмэ көмөлөһүннэр;
– Ордук көхсүгүнэн, сирэйгинэн түһэртэн сэрэн (мэйии эчэйиитин ылыахха сөп);

— Оһоллонноххуна, бастатан туран, эмчиккэ көрдөрөргүн умнума.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -25°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: