Хамнас алын кээмэйэ үрдүөҕэ

Share

Арассыыйа үрдүнэн хамнас алын кээмэйэ быйыл сыана ыарааһыныттан үрдүк буолуоҕа. Бу туһунан тустаах дакылааты бырабыыталыстыба от ыйын 1 күнүгэр диэри иһитиннэриэҕэ.

Санатан эттэххэ, дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин былырыын ахсынньыга Арассыыйа стратегическэй сайдыытын уонна национальнай бырайыактарын көрөр сэбиэт мунньаҕар хамнас алын кээмэйэ сыана ыарааһыныттан хайаатар да үрдүк буолуохтааҕын туһунан эппитэ.

Бырабыыталыстыба иннигэр 2023 сылга дойду үрдүнэн хамнас алын кээмэйин үрдэтэр, хамнас орто көрдөрүүтүн өрө таһаарар сорук турар. Хамнас алын кээмэйэ сыана үрдээһинин куоһаран иһиэхтээх, манна улахан болҕомтону ууруҥ, — диэн иһитиннэрбитэ Владимир Владимирович.

Билигин хамнас алын кээмэйэ 6,3 % үрдээн, 16242 солкуобай буолан турар. Былырыын тохсунньуга бу көрдөрүү 13890 солкуобай этэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

Тус сыаллаах дуогабарынан биир үөрэххэ туттарсыахха сөп

“Ыам ыйын 1 күнүттэн абитуриеннар биир эрэ үрдүк үөрэх тэрилтэтин биир эрэ бырагырааматыгар сайабылыанньа биэриэхтэрин…

7 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Бүгүн СӨ үтүөлээх артыыһа Аскалон Павлов төрөөбүт күнэ

Бүгүн, ыам ыйын 2 күнүгэр, СӨ үтүөлээх артыыһа, эстрада ырыаһыта Аскалон Павлов төрөөбүт күнэ. Бу…

20 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

14 №-дээх оптуобус суоппара оҕолору үөхпүт…

Социальнай ситимҥэ Дьокуускайга  14-c №-дээх оптуобус суоппара  оҕолору үөхпүтүн туһунан видеолаах  иһитиннэрии тарҕаммыта. Эмсэҕэлээбит оҕолор…

50 минут ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата
  • Уопсастыба

Суордаах нэһилиэгэр — саха ынаҕа

Дьааҥы улууһун уһук сытар Суордаах нэһилиэгэр сүөһү иитиитигэр улахан болҕомто уураллар. Ол курдук, быйыл саас…

57 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Суол быһылааныгар снегоходтаах киһи суорума суолланна

Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ буруйу оҥоруу 9 түбэлтэтэ бэлиэтэннэ. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. Үөһээ Бүлүү…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өймөкөөн улууһугар Куйдуһун муостатын тутуута түмүктэнэн эрэр

Бу сыл саҥатыгар, олунньу 26 күнүттэн, Өймөкөөн улууһугар Томтор уонна Сордоҥноох нэһилиэктэрин ситимниир Куйдуһун муостатын…

2 часа ago