Бүгүн, олунньу 3 күнүгэр, сылын аайы ыытыллар үтүө үгэскэ кубулуйбут «Хаҥалас хапсаҕайа» күрэхтэһиини аһыы үөрүүлээх быһыыга-майгыга буолла. Быйыл күрэхтэһии, ол эбэтэр 27-с турнир олунну 3-4 күннэригэр «Триумф» спортивнай уораҕайга ыытыллар.
Санатар буоллахха, улахан түһүлгэҕэ Саха сириттэн, Монголияттан, Кыргызстантан, Узбекистантан, Бурятияттан, Тываттан, Алтайтан, Татарастантан, Чувашияттан уонна Хакасияттан барыта 400-тэн тахса бөҕөс илин-кэлин былдьаһыа.
«Национальнай спорт көрүҥнэрэ, төһө кыалларынан, олимпийскай таһымҥа тиийэллэрин туһугар кыһаллыахтаахпыт. Саамай сүрүнэ, национальнай күрэхтэһиилэри Арассыыйа үрдүнэн үчүгэйдик билиэхтээхпит уонна бары маассабайдык дьарыктаныахтаахпыт», – диэн маннык хабааннаах турнирдар туох суолталаахтарын РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сөрү-сөпкө эппит.
Күрэхтэһии кыттыылаахтарын СӨ спорка миниистирэ Леонид Спиридонов, Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Афанасий Владимиров уонна Хаҥалас улууһун баһылыга Олег Иринеев эҕэрдэлээтилэр.
Турнир бочуоттаах ыалдьытынан Арассыыйатааҕы бойобуой искусство сойууһун толоруулаах дириэктэрэ, каратэ федерациятын бэрэсидьиэнэ Рамиль Габбасов күрэхтэһээччилэри уонна көрөөччүлэри: «Бойобуой искусство сойууһун уонна кыттааччылар ааттарыттан барыгытын бу хапсаҕай национальнай тустуу бырааһынньыгынан эҕэрдэлиибин уонна сүгүрүйэбин», — диэн эттэ.
Чөмпүйэнээт кыайыылаахтара 300-түү тыһ. солк, ону тэҥэ, тустаах курунан уонна батыйанан, бирилийээннээх мэтээлинэн наҕараадаланыахтара. Бириис уопсай пуондата 3000000 солк. тэҥнэһэр.
Бу иннинэ Дьокуускайга тэрийээччилэри кытта кыттыылаах пресс-кэмпириэнсийэ буолбута. Онно Кыргызстан курош федерациятын бэрэсидьиэнэ Рыскельди Шамиев Кыргызстан хамаандата олус күүстээх бөҕөстөрү аҕалбытын туһунан иһитиннэрдэ. Дэлэгээссийэ Дьокуускайга тохсунньу 30 күнүгэр кэлбит. «Хапсаҕайы биһиги олус сөбүлээтибит. Ол иһин дойдубутугар бу көрүҥү сайыннарыахпыт. Бу көрүҥ инникилээх диэн көрөбүт», – диэн кини санаатын үллэһиннэ.
«Хапсаҕайы саҥалыы дьүһүннээн-бодолоон көрүөхпүт. Тустууга араас истииллээх бөҕөстөр саха хапсаҕайын быраабылатынан киирсиэхтэрэ. Аан дойду таһымнаах бөҕөстөр кэллилэр, ол эрээри, биһиги хапсаҕайдьыттарбыт сөптөөх утарсыыны оҥоруохтара» – диэн быһаарда СӨ хапсаҕай федерациятын вице-президенэ Вячеслав Нестеров. Кини эппитинэн, быйыл атырдьах ыйыгар Кыргызстааҥҥа хапсаҕайга улахан турнир ыытыллара былааннаныллар, онно 35 дойду бөҕөстөрө кыттыахтара. Вячеслав Нестеров мас тардыһыы курдук хапсаҕай аан дойду билиниитин ыларыгар эрэнэрин туһунан эттэ.
Бүгүн, тохсунньу 6 күнүгэр, Саха сирин синоптиктара кыралаан хаар түһэрин, үгүс оройуоннарынан сөҥүүтэ суох, нэһилиэктэринэн…
Быйылгы 2025 сыллаах Оһуокайбыт Аар Дархан этээччибит, сүүс сааһыгар үктэнэрэ аҕыйах сыл эрэ хаалбыт ытык…
Санаторийга сынньана ОМС полиһынан босхо барыахха сөп. Ол туһуттан терапевтан направление ылар наада диэн объясняем.рф…
Ааспыт сыл ахсынньы 10-12 күннэригэр Москваҕа «Космос» конгресс-кииҥҥэ XXXIV төгүлүн ыытыллар Бүтүн Арассыыйатааҕы үөрэнээччилэр кэмпириэнсийэлэрэ буолан…
Билиҥҥи кэмҥэ үгүс дьон Баҕа санаа хаартатын оҥорорунан үлүһүйдэ. Баҕа санааҕын барытын толорор үһү диэн…
Бүгүн, тохсунньу 5 күнүгэр, СӨ Быыһыыр сулууспата Орто Халымаҕа массыынанан айаннаан иһэр оҕолоох дьон сүппүттэрин…