Олунньу 1-2 күннэригэр «Өрөгөй» успуорт уораҕайыгар «Хаҥалас хапсаҕайа» хапсаҕай тустуутугар норуоттар икки ардыларынааҕы күрэхтэһии ыытыллыаҕа.
Күрэхтэһиигэ Азербайджантан, Белоруссияттан, Ирантан, Индияттан, Казахстантан, Кыргызстантан, Монголияттан уонна Узбекистантан 500-чэкэ спортсмен кыттар. Спортивнай тэрээһин аан бастаан норуоттар икки ардыларынааҕы статуһу ылан, хапсаҕайы аан дойду аренатыгар сураҕырдыыга дьоһуннаах хардыынан буолар.
Саха сириттэн 400-тэн тахса спортсмен кыттара былааннанар. Маны тэҥэ, Арассыыйа атын эрэгийиэннэриттэн, ол иһигэр Алтай, Тыва, Бурятия, Хакасия, Татарстан, Чувашия, Забайкальскай кыраай уонна Иркутскай уобалас бөҕөстөрө эмиэ кытталлара күүтүллэр.
— Бу суолталаах күрэхтэһии биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр эрэ буолбакка, бүтүн Арассыыйаҕа историческай түгэнинэн буолар. Хапсаҕай норуоттар икки ардыларынааҕы статустанна. Успуорт бу көрүҥэ сайдыытын өйүүр хас биирдии дьоҥҥо махтанабын, инникитин да хапсаҕай аан дойдутааҕы успуорт көрүҥнэригэр дьоһуннаах миэстэни ыларыгар бигэ эрэллээхпин, — диэн бэлиэтээтэ СӨ физическэй култуураҕа уонна успуорка миниистирэ Леонид Спиридонов.
Норуоттар икки ардыларынааҕы уонна Арассыыйа Федерациятын хапсаҕайга бэрэсидьиэнэ Вячеслав Нестеров күрэхтэһии географиятын кэҥэтии дириҥ суолталааҕын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ: «Успуорт бу тэрээһинэ араас дойдулар тустууктарын түмүүтэ – үгүс дойдуларга улахан интэриэс баарын туоһута. Узбекистаҥҥа, Монголияҕа, Индияҕа, Кытайга уонна да атын дойдуларга тустуу сайдан иһэрин көрөбүт. Онон норуоттар икки ардыларыгар ыкса сибээһи бөҕөргөтүү, саха успуордун көрүҥнэрин аан дойду таһымыгар тарҕатыы улахан суолталаах. Дьүүллээһини төһө кыалларынан дьэҥкэтик оҥорорго көмөлөһөр саҥа технологическай көрүҥнэри олоххо киллэриэхпит. Ол курдук, күрэхтэһии устатын тухары маттар аттыларыгар, үөһээ өттүгэр кытта камералар, ону тэҥэ 30 миэтэрэлээх экран туруоруллуохтара. Бу мөккүөрдээх түгэннэргэ сөптөөх сыанабылы мэктиэлиэҕэ”.
Араас дойду дэлэгээссийэлэрэ хапсаҕайга интэриэс улааппытын уонна бу көрүҥ сайдыытын, кэскилин бигэргэттилэр. Индия спортсменнарын салайар Судеш Кумар 2024 сыллаахха Индияҕа ыытыллыбыт хапсаҕайга дойду чөмпүйэнээтэ 400 кыттааччыны түмпүтүн иһитиннэрдэ.
— Хапсаҕай биһиги дойдубутугар киэҥник тарҕанан эрэр. Бэйэм тустуу үгэс буолбут көрүҥнэрин өр үөрэппитим. Хапсаҕайы билэн баран, биһиги спортсменнарбытыгар сөп түбэһэр көрүҥ эбит диэн өйдөөбүтүм. Хапсаҕайга дойду таһымнаах күрэхтэһиилэри ыытан эрэбит. Онон кэлэр сылларга Индия бу көрүҥҥэ биир бастыҥ спортсменнардааҕынан биллэригэр эрэллээхпин», — диэн бэлиэтээтэ Судеш Кумар.
Пресс-кэмпириэнсийэ кэмигэр хапсаҕайы сайыннарыы эйгэтигэр бииргэ үлэлээһин туһунан меморандумҥа илии баттаһыыта күрэхтэһии биир суолталаах түгэнинэн буолла. Докумуоҥҥа сэттэ дойду бэрэстэбиитэллэрэ илии баттастылар (ол иһигэр Азербайджан, Монголия, Грузия, Узбекистан, Кытай, Кыргызстан уонна Белоруссия).
Күрэхтэһии күүстээх спортсменнары түмпүт буолан, хапсыһыыларга кэлбит көрөөччүлэр тыҥааһыннаах түгэннэри күүтэллэрэ чахчы. Абсолютнай чөмпүйүөннэр “Чөмпүйүөн курун” уонна 500 тыһыынча солкуобайдаах бириистэринэн уонна бриллианнаах мэтээллэринэн наҕараадаланыахтара.
Пресс-кэмпириэнсийэ кыттыылаахтара санааларын этиннилэр. Алтай Өрөспүүбүлүкэтин успуорт национальнай көрүҥнэрин “Бирлик” (“Единство”) сойууһун бэрэсидьиэнэ Андрей Ялбаков «саха дьонугар күрэхтэһиилэри өрүү чиэһинэйдик, ыраастык, аһаҕастык ыытаргыт иһин истиҥ махталбын тиэрдэбин. Ханнык да сиргэ маннык буолбат. Ол да иһин биһиги уолаттарбыт Саха сиригэр үөрүүнэн кэлэн күрэхтэһэллэр. Кыайыы улахан сыранан кэлэр. Онон сөптөөхтүк сыаналаныахтаах. Маныаха бырааттыы саха норуота холобуру көрдөрөҕүт” диэн махтал тыл истиҥин эттэ.
Ити курдук, хапсаҕайга норуоттар икки ардыларынааҕы бастакы турнир национальнай тустуу сайдыытыгар аан дойду спортсменнарын түмэн, бу көрүҥҥэ сонун сүүрээннэри тобулар, саҥа ааттары арыйар биир суолталаах бэлиэ хардыынан буолуоҕа.
Үлэ кыбартаалыгар икки күн устата Саха сиригэр туризм сайдыытыгар туһуламмыт үөрэх сэминээрдэрэ, маастар-кылаастар буолан аастылар.…
Хатыҥ мүөттээх сэбирдэҕин чэйгэр кутан иһэ сырыттаххына, бүөргэр-быаргар туһалаах. Салаакка мэлдьи моркуоп, сүбүөкүлэ, оҕурсу, укуруоп…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга 40 саастаах киһи уулуссаҕа билбэт дьахтарын көрсөн атаарарга тылламмыт. Киэһээ хараҥаҕа кутталлаах, соҕотоҕун сылдьар…
Сууркул (циркуль) – эргимтэ уонна дуга сурааһынын тардарга, устаны кээмэйдиргэ уонна кээмэйи көһөрөргө аналлах инструмент.…
Ил Дархан Айсен Николаев саха народнай бэйиэтэ Наталья Харлампьеваны кытта Саха сиригэр суругунан литературатын 125…