Хаҥалас маастардарын үлэлэрэ «Саха каталогар» киирдилэр

Share

Саха АССР 100 сылыгар анаан аан дойду таһымнаах “Декоративно-прикладное искусство Якутии” диэн каталог таҕыста.

Биһиги өбүгэлэрбитигэр былыргыттан таҥаһы таҥныы уонна тигии култуурата үрдүк таһымҥа турарын билэбит. Өрөспүүбүлүкэҕэ утумнаахтык кыбытык ииһинэн дьарыктанар норуот маастардара элбэхтэр. Ханалас улууһун Өктөм нэһилиэгэр сукуна кырадаһыныттан кыбытан-аттаран тигиинэн дьарыктанар дьон “Кырадаһын оһуора” диэн түмсүүлэрэ тэриллэн үлэлээбитэ 2 сыла буолла. 6 киһилээх  түмсүүнү Мэҥэ Хаҥалас улууһун маастара Дьячковская Ольга Николаевна иилээн-саҕалаан үлэлэтэ сылдьар.

Быйыл Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар анаан, түмсүү  өрөспүүбүлүкэҕэ 100 олбох тигиитигэр ыҥырыы таһаарбыта. Бу ыҥырыыны өйөөн, 23 улуус иистэнньэҥнэрэ көхтөөхтүк кыттыыны ыллылар. Бииртэн биир кэрэ дьэрэкээн олбох киһи хараҕын үөрдэр.
Өктөм нэһилиэгэр “Кырадаһын оһуора” түмсүү быйылгы үлэтин түмэн, нэһилиэк дьүүлүгэр таһаарда. Бэйэ-бэйэтигэр майгыннаспат 100 араас олбох, ону таһынан  кыбытыылаах иис, баайыы, оҕуруо уонна да атын оҥоһуктар көрдөрүүгэ турдулар.
Бу тэрээһин сүрүн үөрүүлээх сонунунан Саха АССР 100 сылыгар анаан тахсыбыт “Декоративно-прикладное искусство Якутии” диэн аан дойдутааҕы таһымнаах каталог-кинигэ 2-с чааһын сүрэхтэниитэ буолар. Кинигэни историческай наука кандидата, Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет фольклор уонна култуура кафедратын доцена Светлана Ивановна Петрова хомуйан бэчээккэ таһааттарда. Бу каталог бырайыагын ааптара, кинигэни таһаарааччы Анетта Егорова «Возрождение» кинигэ кыһатыгар  бэчээттэттэ.

Кинигэҕэ өрөспүүбүлүкэ 8 улууһуттан норуот маастардарын үлэлэрэ киирдилэр. Хаҥаластан “Кырадаһын оһуора”  (Өктөм), “Ситим” (Нөмүгү), “Утум” (Кыһыл Үрүйэ) түмсүүлэрэ киирбиттэр. Иистэнньэҥнэр дириҥ ис хоһоонноох, кичэйэн айбыт оҥоһуктара киһини сөхтөрөр, айар куту уһугуннарар, иис кэрэ абылаҥар угуйар.

Максимова Н.Е., Өктөм

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн үгүс улуустарга хаар түһэрэ күүтүллэр

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Саха сирин үгүс улуустарыгар хаар түһэрэ күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр. Хоту,…

28 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспоттан» саҕалаабыт Вера Лиханова дойду таһымыгар үлэлиирдии үүннэ

"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…

10 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

204 саастаах алтан чуораан

Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Горнай улууһугар тутулла турар эбийиэктэри көрдө

Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…

11 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Итэҕэй-итэҕэйимэ: Дьылҕаҕа сыыппара суолтата

Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айтишниктарга үчүгэй сонун

РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…

12 часов ago