Хаҥалас Тиит Арыытыгар дьахталлар нэһилиэк пресс-киинин тэрийдилэр
Бу күннэргэ Хаҥалас улууһун Тиит Арыы нэһилиэгэр «Эркээйи» култуура киинигэр «Иитиллибит ытык иэстээх» дьахталлар кэмпириэнсийэлэрэ ураты сонун хайысханан ыытылынна.
Бу туһунан Хаҥалас улууһун Тиит Арыы нэһилиэгиттэн дьахтар өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсастыбаннай хамсааһынын актыбыыһа Маргарита Кузьмина маннык кэпсээтэ:
— Тэрээһин «брейнстроминг» диэн саҥа хайысханан ыытылынна. Ол эбэтэр суолталаах идиэйэлэри куолаан ырытан баран, онтон сөптөөх быһаарыыны ылан көмүскээһин ньымата. Дьахталлар биэс хамаандаҕа арахсан, нэһилиэк олоҕор сайдыыны киллэрэр бырайыактары торумнаан көмүскээтилэр.
Ол курдук, элбэхтэн аҕыйах холобуру аҕаллахха, «Биһиги ахсааммыт аҕыйах эрээри, күүстээхпит!» («Нас мало, но мы — сила!») диэн анал байыаннай дьайыыга сылдьар байыастарга бакыаттаах «сухуой аһы» оҥорууну олоххо киллэрэргэ этии киллэрдилэр. Бу киэҥ сэҥээриини ылбыт этиини өйөөн, нэһилиэк дьахталлара түмсэн, маннык ас оҥоһуллар тэрилин атыылаһарга харчы хомуйа сылдьаллар. Тэрили миэстэтин буллардылар да, дьахталлар үлэлээн барыахтара.
Иккис суолтааах этии — нэһилиэк Пресс-киинин үлэлэтэр актыыбы талыы. Бу эмиэ биһирэнэн, дьон баалларына боппуруос тута быһаарылынна — саҥа пресс-киин састааба бигэргэннэ. Онон Ийэ күнүн чэрчитинэн тэриллибит нэһилиэк пресс-киинэ нэһилиэк сайдыытыгар сүҥкэн кылаатын киллэрэригэр эрэнэбит. Кэмпириэнсийэ нэһилиэк дьахталларын сэбиэтин салайааччытын уонна актыыбын талыынан түмүктэннэ. Дьахтар сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн биир санаанан Валентина Варламова талылынна.
Саҥа дьахтар сэбиэтэ уонна кэмпириэнсийэ кыттыылаахтара салгыы итии чэйдээх минньигэс торду амсайан, ирэ-хоро кэпсэтэн, санаабытын сайа үллэстэн, сонун идиэйэлэри олоххо киллэрэр санаанан салайтаран, кынаттанан, бэркэ астынан тарҕастыбыт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: