Ханнык нолуоктары төлүүбүнүй?

Share

– Дьэ, миигин ханнык нолуоктары төлүүрүм интэриэһиргэтэр. Ботуччу буолуо ээ.

С.Афанасьева.

Ыйытыыга Агро-бырамыысыланнас комплексын ресурсанан хааччыйар киин өҥө оҥорор отделын сүрүн экэнэмииһэ Майя Степановна Гуляева хоруйдаата. Ыйытыылары бэлэмнээһиҥҥэ тустаах киин пресс-сулууспата көмөлөстө.

– Тус бэйэ хаһаайыстыбатыгар оҥоһуллан тахсыбыт бородууксуйа нолуоктаммат. НДС эмиэ төлөөбөккүт, тоҕо диэтэххэ, бу нолуок ИП-ларга уонна тэрилтэлэргэ эрэ туһаныллар.

Нолуогу төлөөһүнтэн босхолонор туһугар маннык икки усулуобуйаны тутуһуохтааххыт:

1. Сир учаастагын иэнэ 112-ФС №-дээх сокуо­нунан олохтоммут иэннээҕэр улахан буолуо суох­таах. Учаастак кээмэйэ – 0,5 гектар, өскөтүн олохтоох дьаһалта быһаарыытынан арыычча улахан сир бэриллибэтэх буоллаҕына.

2. Тус бэйэҥ хаһаайыстыбаҕар дьону наймылаһан үлэлэппэккин.  Нолуоктан босхолонор туһугар ылыллыбыт үүнээйи, эт уонна атын бородууксуйа сокуонунан көҥүллэммит иэннээх учаастакка оҥоһуллан тахсыбытын туоһулуур докумуону ылыахтааххын.

Бу ыспыраапканы олохтоох дьаһалта эбэтэр даача (садоводство) табаарыстыбата биэриэхтээх. Ол эрээри манныгы болҕойуҥ:

Өскөтүн эһиги учаастаккытыгар биогумус, биогрунт оҥорон таһааран, биирдиилээн эбэтэр кууһунан атыылыаххытын баҕардаххытына, нолуоккутун төлөөҥ диэхтэрин сөп. Уоҕурдуу сүөһүттэн ылыллар бородууксуйаҕа киирбэт, онон нолуоктанар.

Нолуоктан тус бэйэ көмөлтө хаһаайыстыбатыгар оҥоһуллубут бородууксуйаны атыы­лааһынтан ылыллар дохуот эрэ босхолонор. Оттон судаарыстыбаттан субсидия ыллаххына – нолуогу төлүүгүн.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

2 часа ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

3 часа ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

3 часа ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

4 часа ago