Ханнык нолуоктары төлүүбүнүй?
– Дьэ, миигин ханнык нолуоктары төлүүрүм интэриэһиргэтэр. Ботуччу буолуо ээ.
С.Афанасьева.
Ыйытыыга Агро-бырамыысыланнас комплексын ресурсанан хааччыйар киин өҥө оҥорор отделын сүрүн экэнэмииһэ Майя Степановна Гуляева хоруйдаата. Ыйытыылары бэлэмнээһиҥҥэ тустаах киин пресс-сулууспата көмөлөстө.
– Тус бэйэ хаһаайыстыбатыгар оҥоһуллан тахсыбыт бородууксуйа нолуоктаммат. НДС эмиэ төлөөбөккүт, тоҕо диэтэххэ, бу нолуок ИП-ларга уонна тэрилтэлэргэ эрэ туһаныллар.
Нолуогу төлөөһүнтэн босхолонор туһугар маннык икки усулуобуйаны тутуһуохтааххыт:
1. Сир учаастагын иэнэ 112-ФС №-дээх сокуонунан олохтоммут иэннээҕэр улахан буолуо суохтаах. Учаастак кээмэйэ – 0,5 гектар, өскөтүн олохтоох дьаһалта быһаарыытынан арыычча улахан сир бэриллибэтэх буоллаҕына.
2. Тус бэйэҥ хаһаайыстыбаҕар дьону наймылаһан үлэлэппэккин. Нолуоктан босхолонор туһугар ылыллыбыт үүнээйи, эт уонна атын бородууксуйа сокуонунан көҥүллэммит иэннээх учаастакка оҥоһуллан тахсыбытын туоһулуур докумуону ылыахтааххын.
Бу ыспыраапканы олохтоох дьаһалта эбэтэр даача (садоводство) табаарыстыбата биэриэхтээх. Ол эрээри манныгы болҕойуҥ:
Өскөтүн эһиги учаастаккытыгар биогумус, биогрунт оҥорон таһааран, биирдиилээн эбэтэр кууһунан атыылыаххытын баҕардаххытына, нолуоккутун төлөөҥ диэхтэрин сөп. Уоҕурдуу сүөһүттэн ылыллар бородууксуйаҕа киирбэт, онон нолуоктанар.
Нолуоктан тус бэйэ көмөлтө хаһаайыстыбатыгар оҥоһуллубут бородууксуйаны атыылааһынтан ылыллар дохуот эрэ босхолонор. Оттон судаарыстыбаттан субсидия ыллаххына – нолуогу төлүүгүн.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: