Хантараагынан байыаннай сулууспаҕа хандьыдааттары сүүмэрдээһин бэрээдэгэр уларыйыылар киирдилэр
Байыаннай сулууспаҕа категориятынан сөп түбэһиигэ сүүмэрдээһин бэрээдэгэр уларыйыылар бүгүҥҥүттэн олоххо киирдилэр. “А”, “Б” уонна “В” категориялаахтар ааһыахтарын сөп.
Ол туһунан бүгүҥҥү брифинг кэмигэр хантараагынан байыаннай сулууспаҕа сүүмэрдиир пуун инструктора, Арассыыйа Сэбилэниилээх күүстэрин сержана Михаил Петров иһитиннэрдэ.
Кини бэлиэтииринэн, сорох улуустартан кэлбиттэр сүүмэрдээһини ааһар кэмнэригэр, байыаннай чааска барыахтарыгар диэри куораттааҕы “Абырал” санаторийга олоруохтарын сөп. Киин иһинэн “биир кэлим түннүк” үлэлиир, манна доруобуйаларын толору чинчийэр байыаннай быраастар хамыыһыйалара, ону тэҥэ, уйулҕа үлэһитин кытта сэһэргэһии киирэр.
“Бары сүүмэрдиир тэрээһини биир сиргэ ааһаллар. Өскөтүн, бу иннинэ хантараагынан байыаннай сулууспаҕа байыаннай быраастар хамыыһыйаларын ааспыт уонна “А”, “Б” категориялаахтар барар кыахтаах эбит буоллахтарына, билигин “В” бөлөхтөртөн эмиэ көрөбүт”, — диэн сүүмэрдиир пуун инструктора Михаил Петров эттэ.
Хантараагынан байыаннай сулууспалаахтары сүүмэрдиир киин сарсыарда 9 чаастан киэһэ 18 чааска диэри үлэлиир. Дьону суукканы эргиччи ылаллар. Баҕалаах дьон “Абырал” санаторийга маннык аадырыска кэлэллэр: Дьокуускай куорат Сэргэлээх шоссетын 11 км., 1 корп.
Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: