Хара Көмүс «Птичка певчая» арамааны сахалыы саҥарта
Ахсынньы 3 күнүгэр С.А.Зверев-Кыыл Уолун аатынан улуустааҕы норуот айымньытын киинигэр Саха сирин, Арассыыйа уонна дойдулар икки ардыларынааҕы суруйааччылар сойуустарын чилиэнэ, прозаик, публицист, тылбаасчыт, Сунтаардааҕы «Ньургуһун» литературнай уонна иистэнньэҥнэр «Ситии» түмсүүлэрин сүрүннүүр сүбэһиттэрэ, ырыаһыттар «Үс кут» түмсүүлэрин салайааччылара, өрөспүүбүлүкэ уус-уран оҥоһуктарын маастара, «Көмүс куолас» номинация хаһаайката Валентина Григорьевна Дьячковская-Хара Көмүс Турция биллиилээх суруйааччыта Решад Нури Гюнтекин 100 сыл анараа өттүгэр айан хаалларбыт аан дойдуга биллибит «Птичка певчая» айымньытын «Чалыкушу (Ырыа чыычаах)» диэн төбөлөөн тылбаастаан таһаартарбыт (500 сирэй) кинигэтин тула санаа атастаһыытын «төгүрүк остуола» буолан ааста.
Тэрээһин Решад Нури Гюнтекин билиҥҥи кэминээҕи биир дойдулааҕа, тыл үөрэхтээҕэ, эдэр кэскиллээх учуонай Хасан Хайырсевер Венгрияттан Куйаар ситиминэн ыыппыт киирии тылынан саҕаланна. Омук киһитэ диэтэххэ, уу сахалыы тылынан ыраастык саҥарарын баар дьон бары да соһуйа уонна үөрэ иһиттилэр. Кини кэнниттэн тэрээһин кыттыылаахтара филология наукатын дуоктара, бэрэпиэссэр Варвара Борисовна Окорокова айымньы тылбааһын олус үрдүктүк сыаналаабыта видеоҕа устуллубутун астына көрдүлэр-иһиттилэр. Онтон салгыы саха-нуучча тылларын учууталлара, үөрэнээччилэр, айар үлэнэн дьарыктанааччылар санааларын сайа эттилэр.
Түмүгэр, «төгүрүк остуол» кыттыылаахтара бу айымньыны кытары эдэр дьон билсэрэ хайаан да туһалаах буолуоҕун, сахалыы тыллаах киинэ буолан күн сирин көрүөн сөбүн, норуоттар икки ардыларынааҕы сыһыан сымныырыгар төһүү күүстэртэн биирдэстэринэн буолар кыахтааҕын туһунан тоһоҕолоон эттилэр-тыыннылар. Тэрээһин түмүктэниитэ тылбаас ааптара да, кыттааччылар да өттүлэриттэн итии-истиҥ эҕэрдэ, махтал тылларын сэргэ өйдөбүнньүк бэлэх-туһах эгэлгэтэ туттарылынна.
Салгыы «Үс кут» бөлөх ырыаһыттара кэлбит дьоҥҥо үбүлүөйдээх кэрэ кэнсиэрдэрин бэлэх ууннулар. Бииртэн биир ырыа сахалыы, нууччалыы, английскайдыы тылларынан көмүс дорҕоон буолан кутулуннулар. Ырыаһыт уолаттар Егор Третьяков, Афанасий Алексеев, салайааччы Хара Көмүс ырыалара дохсун ытыс тыаһынан доҕуһуолланнылар. Бу тэрээһин кэмигэр үөрүүлээх түгэҥҥэ ырыаһыттар солбуллубат мусукааннарыгар Егор Егорович Третьяковка сыана бэтэрээнин түөскэ анньыллар бэлиэтэ туттарылынна.
Икки тэрээһин икки ардыгар сахалыы астаах-үөллээх сандалыга олорон сынньана түһүү, Хара Көмүстэн кэһии тутуу тэрилиннэ. Кэһиигэ ааптар кинигэлэрэ, дьүөгэтэ Мария Васильевна Токуева (өрөспүүбүлүкэ уус-уран оҥоһуктарын маастара) тикпит кэрэ оҥоһуктара, саха норуотун маастара И.И.Иванов кэргэнэ Саргылана Моисеевналыын чочуйан оҥорбут сахалыы иһиттэрэ, ааптар кэргэнэ Н.Р.Дьячковскай бэлэмнээбит барыанньалара, онтон да атын туһалаах маллар бааллар. Ону таһынан тэрээһиннэр кэмнэригэр өрөспүүбүлүкэ уус-уран оҥоһуктарын маастара, билиҥҥи кэмҥэ «Ситии» түмсүү салайааччыта Александра Прокопьевна Иванова ырыалаах-тойуктаах, сахалыы ураты кэрэ оҥоһуктары сырдатар матырыйааллаах флешкалары атыылаата. Ол онно киирбит үп билиҥҥи балаһыанньа туһатыгар туһаныллыахтаах.
Тылбаас ааптара В.Г.Дьячковская-Хара Көмүс уонна «Үс кут» ырыаһыт уолаттара Е.Е..Третьяков, А.К.Алексеев тэрээһиҥҥэ кыттыбыт бар дьонноругар махталлара улахан.
Кэрэ санаа хаһан да кэхтибэтин, үтүө быһыы үксүү туруохтун!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: