“Хара кубалар”: билгэлэммэт көстүүлэр

“Хара кубалар”: билгэлэммэт көстүүлэр

Ааптар:
23.10.2023, 11:00
Хаартыска: бикипиэдьийэ
Бөлөххө киир:

Улахан, устуоруйаҕа дьайыылаах хамсааһыннар үксүн киһи-аймах үөйбэтэх, былааннаабатах өттүттэн кэлэллэр. Омос санаатахха, буолбут быһылааны бас-көс дьоммут билгэлээбиттэрэ буоллар, тахсыбыт дьайыы иэдээнэ бэрт кыра буолуон сөп курдук көстөр. Ол эрэн, маны утарар биир балаһыанньа баар – ким даҕаны итини билгэлиир кыаҕа суоҕа.

Суоҕа чопчу биллэр баар буолуута

Рим улуу бэйиэтэ Ювенал (60-127 с.с. олоро сылдьыбыт киһи) биир хоһоонугар маннык строка баар: “Хара куба кэриэ­тэ, сиргэ суох көтөр”. Бу этии сомоҕо домох буолан, Европаҕа XVI үйэҕэ диэри хайдах да буолуон сатаммат көстүүлэри хоһуйууга туһанылла сылдьыбыт. Онтон 1697 сыллаахха,  Виллем де Вламинг диэн ааттаах муора айанньыта Арҕаа Австралияҕа тиийэн ыас хара кубалар баалларын илэ көрөн, хас даҕаны көтөрү дакаастабыл быһыытынан илдьэ кэлбит.  Бу холобур, “хайдах да буо­луон сатаммат” көстүү эмискэччи баар буолан хаалыан сөбүн көрдөрбүт.

2007 сыллаахха, математик уонна биржа трейдера Нассим Талеб бу холобуру “Хара куба. Билгэлэммэт бэлиэ­тэ” диэн кинигэтигэр сүрүн метафора быһыытынан туттубут. Онтон ыла политологияҕа, социология­ҕа уонна да атын уопсастыба сайдыытын туһунан наукаларга “хара кубалар” диэн тиэрмини көхтөөхтүк туттар буолбуттар.

“Хара кубалар” түөрүйэлэрэ

Нассим Талеб бу кинигэтин биржаҕа атыынан дьарык­танар дьоҥҥо анаан суруйбута эрээри, хоһуйбут кэнсиэп­­­­йэтин үспүкүлээннэр эрэ буол­бакка, учуонайдар эмиэ туһанар буолбуттара. Бу түөрүйэни элбэх эйгэҕэ көрүөххэ сөп, онон биһиги эмиэ билсэн көрүөҕүҥ.

Кэнсиэпсийэ сүрүн толкуйа маннык хоһуллар:

Дэҥ кэриэтэ буолар түбэлтэлэр бааллар, кинилэри билгэлиир кыаллыбатын кэ­­риэтэ. Бу буолар түбэлтэлэр аан дойду олоҕор олус улахан дьайыылаахтар, кэлэр олохпут хайа диэки салалларын түстүүллэр. Бу курдук быһылаан буолбутун кэнниттэн, омос көрдөххө, бэрт чэпчэкитик билгэлэниэхтээх курдук көстөллөр. Ол эрэн, маннык көстүү айылҕата хайдах да билгэлэнэр кыаҕа суох. Бу курдук билгэлэммэт, эмискэ кэлэр түбэлтэлэри Нассим Талеб “хара кубалар” диэн ааттаабыт.

“Хара куба” үс бэлиэҕэ сөп түбэһиэхтээх:

  1. Буолбут түбэлтэ эмискэччи кэлэр. Буола илигинэ эс­­пиэрдэр бу курдук түбэлтэ буолуон сөбүн туһунан сабаҕалаабаттар даҕаны.
  2. Сүүнэ дьайыылаах буолар – бу дьайыы кэнниттэн устуоруйа суола уларыйар.
  3. Буолбутун кэнниттэн тоҕо буолбутун быһаарар билгэлэр ырылхайдык көстөн кэлэллэр.

Холобур быһыытынан буол­бута ырааппыт, түгэҕэр тиийэ ырытыллыбыт түбэлтэни ылыаҕыҥ. 2001 сыл балаҕан ыйын 11 күнүгэр Аан дойду­тааҕы атыы киинин “игирэ” башняларыгар саба түһүү.

  1. Саба түһүү бар дьоҥҥо соһумар сурах буолбута. Өскөтүн биир эмэ кутталы суох оҥоруу эспиэрэ балаҕан ыйын 10 күнүгэр башняларга сөмөлүөттэр кэлэн түһүөхтэрэ диэн эппитэ эбитэ буоллар, киниэхэ итэҕэйэн Америкаҕа кэлэр сөмөлүөттэр рейстэрин тохтотоллоро саарбах этэ.
  2. Бу теракт аан дойду олоҕун тосту уларыппыта. Ити быһылаантан сылтаан АХШ сэбилэниилээх күүстэрэ Иракка кимэн киирбиттэрэ. Сөмөлүөтүнэн көтүү быраабылалара лаппа кытааппыттара, ити кэмтэн ыла аэропортка киирэргэ тимири көрдүүр рамка, рентгенинэн сырдатар аппарааттар баар буолбуттара. Салгынынан айан сыаната биллэрдик улааппыта. Терроризм утары үлэ суолтата муҥура суох үрдээбитэ.
  3. Буолбутун кэнниттэн тыһыынчанан “эспиэрдэр” сөмөлүөтүнэн саба түһүү саарбаҕа суох буолуохтааҕа дьэҥкэ көстөн турбутун туһунан дакаас­табыллары булан ыйбыттара. Ол эрээри, түбэлтэ буолуон иннинэ сэрэтии оҥорбут аптарытыаттаах эспиэр суоҕа көстүбүтэ.

Бу курдук “хара кубалар” устуоруйаҕа бэрт элбэхтэр. Тимирбэт оҥоһуулаах “Титаник”  саахала, Сэбиэскэй Сойуус сууллуута, коронавирус хамсыга аан дойдуну хааччахтааһына, ХАМАС Израильга саба түһүүтэ – бу барыта “хара куба” холобурдара диэххэ сөп.

Үчүгэй “хара кубалар”

Аатыгар “хара” диэн бэлиэ баарыттан сылтаан бу тиэрмини үксүн соһуччу иэдээни аҕалбыт түбэлтэлэргэ туһаайан туттааччылар. Ол эрэн, “хара кубалар” үтүө айылҕалаах буолаллара аҕыйаҕа суох. Холобур, тыа хаһаайыстыбата үөскүөҕүттэн киһи аймах бааһыналары айылҕа биэрэр уоҕурдууларынан эрэ тупсарар этэ. Бу ньыма биэрэр кыаҕынан оҥоһуллар ас элбэх киһини хааччыйар кыаҕа суох. ХХ үйэ биир сүүнэ ситиһиитин – аммиак синтеһынан азоттаах уоҕурдуулары оҥорууну биир киһи айбыта, ньиэмэс химига Фриц Габер. Кини бу арыйыыта оҥоһуллубатаҕа эбитэ буоллар, киһи-аймах ахсаана миллиарды таһынан тахсара бэрт саарбах этэ. Оттон Саха сиригэр алмаас таас көстүүтэ эмиэ чопчу билгэлэммэт айылҕалаах түгэн буолара саарбаҕа суох. Сабаҕалааһын баар эрээри, “Мир” кимберлитовай туруупка арыллыан иннинэ бу диэки алмаас бырамыысыланнаһа үөскүүрэ, бу көстүү өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар сабыдыала биир да киһи кыайан билгэлээбэт туһаайыылаах этэ.

Билиҥҥи үйэттэн араарыллыбат көстүүлэр – интэриниэт, социальнай ситимнэр, “индрайвер” курдук оҥоһуулаах такси сервистэрэ, барыта бэйэтин кэмигэр билгэлэммэт “хара кубалар” буолан көтөн кэлбиттэрэ.

Оччоҕуна туох да билгэлэммэт дуо?

“Хара кубалар” билгэлэммэттэрин өйдөөтүбүт. Оччоҕуна тугуй – аан дойдуга буолар быһылааннар бары билгэлэммэт айылҕалаахтар дуо?

Нассим Талеб бу түөрүйэтинэн үгүс дьон билгэ күүһүгэр олус күүскэ эрэнэн, баар кыахтарын барытын биир хайысхаҕа уураллара сыыһатын этэр. Хайдах да ырылхайдык көстөр түмүгү билгэлээбиккит иһин, кэлэр кэмҥэ соһуччу кэлэр “хара кубалар” былааҥҥытын ыһар кыахтаах диэн.

Ол эрээри, кэлэр кэм олоччу хара сабыы кэннигэр саспат. Үгүс кэлэр кэм хамсааһынын статистика көмөтүнэн, устуоруйа холобурдарынан, наука үстүрүмүөннэринэн ситиһиилээхтик билгэлииллэр. Статистика уонна сценарийынан былаан­нааһын көмөтүнэн чугас кэм буолуохтаах хамсааһынын чопчуга чугастык билиэххэ сөп. Ол иһин уһун кэмнээх стратегиялар оҥоһуллаллар, үп уонна үлэ сүүрээннэрин биир суолга сала­йаллар.

Ону кытта эмискэччи үөскүөн сөптөөх мэһэйдэри учуоттуур оруннаах, сүрүн былааны тэҥэ саппаас былаан эбэтэр түргэнник чугуйарга миэстэ ордорунуохтаахпыт.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
22 декабря
  • -35°C
  • Ощущается: -35°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: