Харах быраастара улуустарга үлэлииллэр
Өрөспүүбүлүкэтээҕи харах балыыһатын быраастара Алдаҥҥа баран үлэлээтилэр. Онно катаракталаах 43 киһини эпэрээссийэлээтилэр.
Атырдьах ыйын 1 күнүттэн 5 күнүгэр диэри быраастар Нерюнгригэ үлэлииллэр. Иһитиннэрбиттэринэн, 40 киһи эпэрээссийэлэнэр буолбут.
—Биригээдэҕэ икки хирург уонна икки сиэстэрэ бааллар. Кинилэр кэлиэхтэригэр диэри, олохтоох балыыһаҕа көрөннөр пациеннары бэлэмнииллэр, быраастар биригээдэлэригэр кэлэн өссө төгүл көрдөрөллөрүгэр, бэрэбиэркэлэтэллэригэр сүбэлииллэр. Пациеннар анаалыстарын туттараллар, эпэрээссийэҕэ бэлэмнэнэллэр, — диэн үрдүк категориялаах офтальмолог-быраас, Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин ыстааты таһынан кылаабынай офтальмолога Екатерина Захарова иһитиннэрэр.
Манна эбэн эттэххэ, быраастар атырдьах ыйын 12 күнүттэн Таатта уонна Томпо улуустарыгар бараллар.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: