Алтыннньы 31 күнүгэр Таатта улууһун Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугар үөрүүлээх күн тосхойдо. Ыччаты араас идэҕэ уһуйар үөрэхпит кыһатыгар 2 мастарыскыай аһыллыыта буолла.
Тимир уустарын уһуйарга аналлаах бары өттүнэн толору сэбилэммит литейнэй мастарыскыай уонна тыа хаһаайыстыбатын үлэтигэр туттуллар тиэхиньикэ бары көрүҥэ баар мастарыскыайа баар буолла. Бу мастарыскыайдар билиҥҥи сайдыылаах олох бары ирдэбиллэригэр толору эппиэттиир көмпүүтэр технологиятын бары көрүҥүнэн толору хааччыллыбыттар.
Дьоро түгэни Орто Амма нэһилиэгин “Дабайыы” алгысчыттарын түмсүүтэ бары сиэри-туому тутуһан, арыйда. Ол кэнниттэн үөрэхтээһин холбоһугун дириэктэрэ, СӨ Үөрэҕириитин туйгуна Анна Васильевна Мосоркина эҕэрдэ тылынан үөрүүлээх тэрээһин анал чааһын саҕалаата. Барыта 19 мөлүйүөнтэн тахса суумалаах мастарыскыайы анаан биэрбит Үөрэх уонна наука министиэристибэтин салалтатыгар барҕа махталын тиэртэ, үлэ бастыҥнарыгар наҕараадалары туттарда. Учуутал Диана Егоровна Соломонова «СӨ үөрэҕириитин туйгуна» үрдүк ааты сүктэ. Дириэктэри үөрэх, производство чааһыгар солбуйааччы Ульяна Васильевна Егорова, буҕаалтыр Анастасия Алексеевна Лексекюна СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтин Бочуотунай грамотатынан наҕараадаланнылар.
Бу үөрүүлээх күҥҥэ быһа холбонуунан үөрэх уонна наука миниистирин бастакы солбуйааччы М.Ю.Присяжнай уонна Таатта улууһун Ытык киһитэ Б.Ф.Неустроев-Мандар Уус бэйэлэрин истиҥ эҕэрдэлэрин тиэртилэр, кэскиллээх үлэҕэ ситиһиилэри баҕардылар. Кыһыл лиэнтэни дохсун ытыс тыаһын доҕуһуолунан кырыйар чиэскэ тигистилэр: үөрэхтээһин холбоһугун дириэктэрэ А.В. Мосоркина, Ил Түмэн дьокутаата П.Д. Рахлеев, улуус баһылыгын солбуйааччы С.В. Сунхалыров.
Салгыы Ил Түмэн дьокутаата П.Д. Рахлеев, улуус баһылыгын солбуйааччы С.В. Сунхалыров, Таатта улууһун үөрэҕириитин салаатын начаалынньыгын солбуйааччы И.И. Тарабукин, “Манчаары оонньууларын тэрийэр” дириэксийэ салайааччыта П.Е. Захаров эҕэрдэ тылы эттилэр. Кинилэр тыа сирин сайдыытыгар тирэх буолар идэлэргэ уһуйуллар ыччаттарга олус наадалаах мастарыскыайдар арыллыбыттарыттан үөрэллэрин уонна бу мастарыскыайдар кыахтарын толору туһанан үтүө үлэһит дьон иитиллэн тахсалларыгар төһүү буолуо диэн эрэнэллэрин тиэртилэр. Онтон маҥнайгы куурус устудьуона Слепцов Владимир эҕэрдэ ырыаны толордо.
Актовай саалга олорон, аныгы сибээс көмөтүнэн мастарыскыайдары көрдүбүт, бары өттүнэн толору хааччыллыылаахтарын көрөн, сөхтүбүт-махтайдыбыт. Бу мастарыскыайдар улуус үөрэҕириитигэр эмиэ тирэх буолуохтарын туһунан А.Е. Мординов аатынан Тааттатааҕы лицей директора И.А. Сивцева, улуус директордарын түмсүүтүн салайааччыта А.А. Миронов уонна үөрэхтээһин холбоһугун директора А.В. Мосоркина сөбүлэҥҥэ илии баттаатылар; бииргэ үлэлээһин суолтата уонна туһата үгүс буолуоҕун туһунан эҕэрдэлэригэр бэлиэтээн эттилэр.
Быйылгы “Сыл бастыҥ устудьуона” өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэх номинана, баһаарынньык идэтигэр уһуйуллар Александр Оконешников устудьуоннар ааттарыттан харда махтал тылын тириэртэ.
Үөрүүлээх чаас кэнниттэн тэрээһин кыттыылаахтара мастарыскыайдары кэрийэн, сыныйан көрдүлэр-иһиттилэр. Үөрэхтээһин холбоһугар сайдыыга сирдиир аныгы мастарыскыайдар баар буолбуттарыттан кэлбит эрэ барыта астынна.
Бу мастарыскыайдар салайааччыларынан литейнэйгэ А.А.Громов, тыа хаһаайыстыбатыгар туттулллар массыыналарга В.Н. Рахматуллин ананан, үлэ үөһүгэр түстүлэр. Кэскиллээҕи өтө көрөн үлэлиир дириэктэр Анна Васильевна Мосоркина маастардары, уһуйааччылары Москванан, Дьокуускайынан ыытан, араас куурустарга үөрэттэрдэ. Аны мантан ыла бу мастарыскыайдар тигинэччи үлэлээн, саха ыччатын үрдүккэ, сырдыкка сирдиэхтэрэ, дьоҕурдарын сайыннарыахтара диэн эрэл санаалаах бары үөрэн-көтөн тарҕастыбыт.
Валентина КРИВОШАПКИНА, Таатта, Харбалаах
Сэтинньи – Байанай ыйа. Сэтинньигэ сыһыаннаах билгэлэри, бэлиэ күннэри төһө билэҕит? 2.11 – ыанньыйбыт былыт…
Ис Дьыала министиэристибэтин Саха сиринээҕи салалтатын 3 №-дээх полиция отделын дьуһуурунай чааһыгар Дьокуускай куорат олохтооҕо…
Уус Алдан Бороҕон нэһилиэгэр байыастарга анаан дроннартан хаххалыыр суорҕаны тигэр сыах аһылынна. «Өссө биир кэрэхсэбиллээх…
Судаарыстыбаннай Дуума дьокутаата Султан Хамзаев арыгыны атыылааһын чааһын сыыйа дойду үрдүнэн өрөбүл күннэргэ биэс чаас…
Рф Үпкэ министиэристибэтигэр быһаарбыттарынан, бырабыыталыстыба “Дьиэ кэргэн ипотекатыгар” көрүллэр лимиити бааннарга 350 млрд солкуобайынан улаатыннарда.…
Саха сиринээҕи Силиэстийэлиир кэмитиэтин Илин Эҥэр оройуоннар икки ардыларынааҕы отделениета Амма улууһун 48 саастаах олохтооҕо киһини…