Харыйалаахха табаһыттары сылаас таҥаһынан хааччыйаллар

Share

Өлөөн улууһун Харыйалааҕар сэргэх үлэлээх мастарыскыай баар. Сэбиэскэй кэм саҕанааҕы тутуу диэтэххэ, дьиэлэрэ киэҥэ-куоҥа сүрдээх. Манна төрдүө буолан табаһыттарга кээнчэ, балаакка, балаакка сабыыта тигэллэр. Ону тэҥэ тыстара кэлиэр диэри таах олорботтор, чааһынай дьоҥҥо кинилэр матырыйаалларынан сакаас ылан тигэллэр. Үгүстэр этэрбэс, балаакка тиктэрэллэр эбит.

— Биһиги Артем Афанасьевич Винокуров дириэктэрдээх “Өлөөн” муниципальнай унитарнай тэрилтэ табаһыттарын сылаас таҥаһынан хааччыйарга кыһанабыт. Миигинниин төрдүөбүт. Мастарыскыайга Татьяна Степановна Семенова, Татьяна Филипповна Христофорова, Кристина Васильевна Бургай үлэлииллэр. Өссө Варвара Сергеевна Семенова тастан сылдьан бэйэтин үлэтин толорор, дьонугар тыс эҥин имитэн биэрэр. Билигин тириибит баар, тыспыт бүппүтэ. Тыһы маннааҕы бэйэбит булчуттарбытыттан ылабыт, — диир мастарыскыай сэбиэдиссэйэ Розалия Ивановна Томская.

Р.Томская ыытта

 

Хаартыскалары: Р.Томская ыытта.

What’s your Reaction?
+1
16
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

II Наахара нэһилиэгэр «Кыайыы знамятын» көрүстүлэр

Бүгүн, тохсунньу 10 күнүгэр, Мэҥэ Хаҥалас улууһун II Наахара нэһилиэгэр «Кыайыы знамятын» көрүстүлэр. Ол туһунан…

3 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Чурапчы-Дьокуускай-Чурапчы» хайысханан маршрутнай оптуобус сылдьыаҕа

Бу сыл тохсунньу 11 күнүттэн «Чурапчы-Дьокуускай-Чурапчы» хайысханан 206 нүөмэрдээх маршрутнай оптуобус сылдьыаҕа. Бу туһунан «Чурапчы…

8 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Хантараагынан байыаннай сулууспаҕа сүүмэрдээһин салҕанар

Хантараагынан  байыаннай сулууспаҕа сүүмэрдээһиҥҥэ Биир кэлим кииннэр үлэлэрэ салҕанар. «Манна хандьытааттар психологтар уонна мэдиссиинэ үлэһиттэрин…

13 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

Оҕолор бэрт туһалаах, сонун бырайыактары бэлэмнээбиттэр

Моркуоп угун үгүс дьон быраҕан кэбиһэбит. Оттон “Инникигэ хардыы” билим-быраактыка кэмпириэнсийэтин быйылгы кыттыылааҕа бу сиэниллиэн…

28 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

«Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуонда байыаннай дьайыы бэтэрээннэрин үлэнэн хааччыйар

«Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» судаарыстыбаннай пуонда Саха сиринээҕи филиала байыаннай дьайыыттан эргиллэн кэлбит байыастары үөрэҕинэн, үлэнэн…

38 минут ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Хамсаабат баайга-дуолга уларыйыылар киирдилэр

Үүммүт сылга даача учаастактарын уонна хамсаабат баайы-дуолу бас билээччилэргэ туһаайан сокуоҥҥа хас да уларыйыы  киирдэ.…

53 минуты ago