Хатас — Павловскай кыһыҥҥы суол хойут аһыллар буолла
Өлүөнэҕэ уу таһыма үрдээбитин түмүгэр, Хатас — Павловскай хайысханан кыһыҥҥы суол хойут аһыллар туруктанна.
Өрүскэ уу таһыма үрдээбититтэн сылтаан, Хатас — Павловскай хайысханан кыһыҥҥы суолу оҥорууга, бэлэмнээһиҥҥэ кэккэ ыарахаттары үөскэттэ. СӨ Тырааныспарга министиэристибэтэ итинтэн сылтаан кыһыҥҥы суол аһыллыытын болдьоҕо уһуур туруктаммытын туһунан эттэ. «Ахсынньы 10 күнүттэн 3 туоннаҕа диэри ыйааһыннаах тимир көлөлөргө кыһыҥҥы суол аһыллыахтааҕа былаанныныллыбыта эрээри, баар балаһыанньаттан сылтаан уларыйыы киириэн сөп», — диэн биэдэмистибэ иһитиннэрбит.
Бэдэрээтчит иһитиннэрбитинэн, өрүс уҥа кытылынан уу таһыма үрдээбитин түмүгэр, Үөс Кумах арыытыгар 6 км уһуннаах учаастагы оҥорууга туһаныллыахтаах кутуу суолу оҥорууга ыарахан ыйааһыннаах тиэхиньикэлэр киирэр кыахтара суох буолбут. Билигин итини быһаарыыга кэккэ миэрэлэр ылыллан, ууну аһардар турбалары ууруохтара уонна кутуу суолу оҥорорго аналлаах кумаҕы тиэйиэхтэрэ.
Хаартыска — СИА-тан.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: