Хаттаанай чороонноро былдьаһыкка сылдьаллар
Үөһээ Бүлүү Тамалакааныттан төрүттээх Михаил Егоров сүүрбэччэ саастааҕыттан тутууга үлэлээбит буолан, Дьокуускайынан, Горнайынан, Ньурбанан уонна Үөһээ Бүлүүнэн, быһа холуйан, 100-тэн тахса олорор дьиэни туппут урбаанньыт. Соторутааҕыта билбитим, Хаттаанай чороону идэтийэн оҥорор эбит.
Бүгүҥҥү кэпсэтиибит үрүҥ тунах ыһыахтары көрсө, чороон туһунан буолла.
ЧОРООН ОҤОҺУУТУГАР – ОСКУОЛА КУРУҺУОГУТТАН
– Михаил Дмитриевич, эн бэйэҕин өрүү Хаттаанайбын диэн билиһиннэрэҕин. Бу аатыҥ суолтата тугуй?
– Хаттаанай хос аат буолбатах – таптал аат. Мин эрэ буолуо дуо, тыа сиригэр киһи үксэ таптал ааттаах. Миигин ийэм ааттаабыт аата. Сахалар, төһө да нууччалыы ааттаах буолларбыт, хайаан да сахалыы ааттаах дьоммут.
– Чороон оҥорорго хаһааҥҥыттан ылсыбыккыный?
–Тамалакаан аҕыс кылаастаах оскуолатыгар биология учуутала Святослав Иванов уолаттарга уус куруһуогун ыытар этэ. Онно сэттис кылааска сылдьан, ордук “уутуйан” дьарыктаммытым. Ол үөрэхпин бырахпакка, кыралаан уһана сылдьыбытым. Оскуолабын бүтэрэн баран, биир дойдулааҕым Григорий Анисимовтан бэйэтэ оҥорбут “токарнай” тэрилин уларсан, чороон чочуйарга холоммутум. Санаабар, оҥоһугум сатаммыт курдуга. 1996 сыллаахха Үөһээ Бүлүүтээҕи СПТУ-га “Национальнай уус-уран оҥоһук маастара” диэн тыа сиригэр олус туһалаах үөрэххэ киирэн үөрэммитим. Маастар Бурхалей Талыбыев олус интэриэһинэйдик үөрэппитэ. Анал үөрэх буолан, чороону оҥоруу араас мындырыгар барытыгар уһуйуллубутум. Онно чороон оһуорун уратытын үчүгэйдик билбитим. Кыралаан атыыга, бэлэххэ оҥорор буолбутум. Онтон тутууга аралдьыйан, чороон оҥоһуутун тохтотон ылбытым.
ЧОРООННООХ ЭР ДЬОН ОРТОТУГАР
– Онтон тутуу кэннэ хайдах чороонноргор төнүннүҥ?
– Тутуунан дьарыктаныам иннинэ бииргэ үөрэммит уолум Максим Селясинов Горнай улууһугар баар Мохначевскай аатынан музыкальнай мастарыскыайга үлэлии ыҥырбытыгар, үөрүүнэн сөбүлэһэн, чороону сувенирга анаан оҥорорго санаммытым. Онтон куоракка көһөн, тутууга барбытым. Ол эрээри санаам өрүү чорооҥҥо буолан, 2007 сыллаахха дойдубар көһөн кэлэн, тутуум быыһыгар чороон оҥорор этим. Ким да улаханнык сэҥээрбэтин иһин, тохтоппутум. Ол да буоллар, санаам батарбакка, өрүү чороон оҥоруутун интэриэһиргиирим. 2022 сыллаахха Сунтаар улууһуттан норуот маастара Иннокентий Иванов оҥорбут чорооннорун көрөн баран, “үөрэт” диэн көрдөспүтүм. Киһим Үөһээ Бүлүүгэ бэйэтинэн кэлэн үөрэппитэ. Онтон ыла чороонтон арахса иликпин. Өрөспүүбүлүкэ төрүттэммитэ 100 сылыгар үбүлүөйдээх ыһыахха ыҥырыллан, 100 эр киһи чороон тутуурдаах хаамыыга кыттыбытым.
ТҮМСҮҮ ТЭРИНИИ
– Чороон оҥорооччулар бэйэҕит түмсүүлээххит дуо?
– Муус устар 7 күнүгэр «Арчы» дьиэтигэр Дьокуускай куорат култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениетын тэрийиитинэн «Кымыс иһиитин сиэрэ-туома» өрөспүүбүлүкэтээҕи сэминээр буолбута. Онно «Симэх» норуот ускуустубатын уонна уус-уран оҥоһуктарын национальнай киинин уус-уран оҥоһуктарын отделын салайааччыта Дмитрий Осипов «Кымыс иһиттэрин араастара» тиэмэҕэ бэрт кэрэхсэбиллээх иһитиннэриини оҥорбута. Өрөспүүбүлүкэ идэтийбит чороон оҥорооччулара: Дьокуускайдааҕы технология уонна дизайн кэллиэһин үлэһитэ Василий Лопатин үөрэнээччитэ Дмитрий Протопоповтуун, Дьокуускай куораттан «Чороону сөргүтэр уонна чинчийэр» уопсастыбаннай кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэ (салайааччы С.Т. Попова), Марха олохтооҕо Василий Данилов, Емельян Ярославскай аатынан саха түмэлин реставратора Василий Протопопов, Үөһээ Бүлүүттэн мин куту-сүрү көтөҕөр үрүҥ илгэ чорооннорун кымыс иһиитигэр туттуллар малы-салы быыстапкаҕа дьон көрүүтүгэр туруорбуппут. Ол тэрээһиҥҥэ Дмитрий Осипов көҕүлээн, Чороон оҥорооччулар сойуустарын тэрийбиппит. Бэйэбит бөлөхтөөхпүт. Киһи үөрүөҕэ, сойууспутугар ыччат киириитэ үксээтэ. Онон эдэрдэргэ сүбэ-ама биэрэбин. Сүрүн сорукпут – түмэллэргэ хараллан турар чорооннорунан холобурдаан, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ баран иһэрин курдук өбүгэ үгэһин үйэтитии.
ӨБҮГЭ ЧОРООНО – ЭДЭР ЫАЛГА БЭЛЭХ
– Чороон оҥорооччулар бэйэҕит түмсүүлэнэн, үлэҕит биллэ тэтимирдэҕэ дии?
– 2022 сыллаахха Саха сирин уустарын күнүн чэрчитинэн ыытыллыбыт быыстапкаҕа чороонньуттары кытта ыкса билсэн, сыаналаах уопут атастаһан, элбэҕи биллибит-көрдүбүт. Бүлүү улууһун дархан ууһа Байбал Тимофеев сүбэтинэн, илиинэн оҥорон холонон, уолум Алексей таптыыр кыыһынаан Уйгулааналыын ыал буолар дьоро киэһэлэригэр 18-с үйэ саҕанааҕы 79 см үрдүктээх тойон-айах бастакы чорооммун оҥорон бэлэхтээбитим. Эдэр ыал чорооннорун чочуйарбар Сунтаар Түбэйиттэн төрүттээх уус оһуорун туттубутум. Билигин Василий Протопопов-Сиэн Уус өрөспүүбүлүкэтээҕи Емельян Ярославскай аатынан кыраайы үөрэтэр түмэл реставратора сүбэлээн, өбүгэ саҕанааҕы чорооннору оҥоробун. Онон билиибин хаҥатарга үлэлэһэр уопуттаах маастарга, түгэнинэн туһанан, истиҥ махталбын тиэрдэбин.
ИЛИИНЭН ОҤОҺУЛЛАР ЧОРООННОР
– Хаттаанай, эн бу күннэргэ Өймөкөөҥҥө буолуохтаах Олоҥхо ыһыаҕар чороон арааһын оҥоро сылдьаргын истибитим. Бу туһунан кэпсиириҥ буоллар.
– Өймөкөөннөр ыһыахтарыгар айах, кэриэн, энньэ, тойон-айах чорооннору сакаастаабыттара. Бу кээмэйдэринэн араас көрүҥнээх оҥоһуктар: айах уонна кэриэн – 45-55 см, энньэ – 20 см, тойон-айах – 60 см буолаллар. Биирдиилээн илиинэн үлэ буолан, сойууһум уустарын, норуот маастара, ХИФУ преподавателэ Мичил Бурцевтыын уонна Хатас олохтооҕо Андрей Малышевтыын үллэстэн оҥоробут.
– Сииктээх маһы туттарыҥ буолуо? Хантан матырыйаалгын булаҕыный?
– Инчэҕэй хатыҥ маһы Уус Алдан улууһуттан, Хаҥалас Покровскайыттан, Үөһээ Бүлүү Туобуйатыттан сакаастаан аҕалтарабын. Туостаах сыттаҕына, мас биир сыл иһигэр хатан хаалар. Онон сиикэйдии оҥорон баран, анал быраабыланан куурдабын. Илиинэн оҥорор буолан, үлэлээх.
… Ити курдук, Хаттаанай сарсыарда эрдэ тураат, мастарыскыайыгар чороонноругар тиэтэйэр. Быйыл саас Өймөкөөҥҥө ыытыллыбыт научнай кэмпириэнсийэҕэ оҥоһуктарын илдьэн билиһиннэрбитэ, быыстапкалаабыта. Онон Хаттаанай чороонноро аны Олоҥхо ыһыахтарын сүрүн киэргэллэринэн буоллулар. Алта сыллааҕыта “Былдьаһыкка сылдьар Хаттаанай” диэн ыстатыйабар төбөлөөбүтүм курдук, Хаттаанай билигин да былдьаһыкка сылдьар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: