Хатыҥ Арыыга бэртээхэй сынньанар сир тутуллар

Share

Нам улууһугар Хатыҥ Арыы нэһилиэгэр (Аппааны) аныгы үйэ ирдэбилигэр эппиэттиир бэртээхэй воркаут зоналаах киин тутулла турар. Бу дьон-сэргэ, оҕо-уруу сөбүлээн сылдьар, дуоһуйа сынньанар сирдэрэ буолуоҕар олохтоохтор эрэнэллэр.

Тутуу «Уһук Илиҥҥэ 1000 тиэргэн» бырагыраама иитинэн ыытыллар.

Нэһилиэк дьаһалтатын бырайыактыыр салаатын исписэлииһэ Владимир Соловьев: «Бу уолан эрэр күөл түгэҕэ бүтүннүү ыраастанан,  толору ыраас уу куттарыллыбыта. Онон быйыл кыһын хатааһылыырга бэртээхэй каток буолуоҕа. Оттон сайынын манна фонтан үлэлиэ, сынньана кэлбит дьон тыынан устуохтара. Сибиэһэй салгыҥҥа астына-дуоһуйа сэһэргэһэргэ табыгастаах, бэртээхэй ыскамыайкалар туруоруллуохтара. Оҕолор оонньуур былаһааккаланыахтара, сүүрэр-көтөр сирдэниэхтэрэ, хачыаллыахтара. Ыччаттар ролигынан хатааһылыахтара, доруобуйаларын чэбдигирдиниэхтэрэ, физкултууранан дьарыктаныахтара.  Биллэн турар, манна оонньуу  арааһа тэриллэн ыытыллар буолуоҕа. Бэдэрээччит бэйэбит уолбут, урбаанньыт Владислав Соловьев нэһилиэгин дьонун-сэргэтин туһугар бары кыһамньытын уурар», — диэн иһитиннэрдэ.

Ити курдук, нэһилиэк ортотугар турар Мавра күөлүн таһа уотунан-күөһүнэн сандаарыа, күрүө-хаһаа ситиэ-хотуо. Дьон-сэргэ баҕа санаалара олоххо киирэрин долгуйа, эрэнэ кэтэһэр.

Хаартыскалар нэһилиэк дьаһалтатын тиксэриилэрэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сыымахха Васильевтар үлэлэригэр атынан сылдьаллар

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан,  киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…

2 часа ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев Марат Хуснуллины кытта көрүстэ

Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэрии кэмигэр тутуллубут өстүөкүлэ собуота

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…

3 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 25 сыла!

Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйыл 6 муоста тутулунна

2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…

4 часа ago