Хатыҥ Арыыга бэртээхэй сынньанар сир тутуллар
Нам улууһугар Хатыҥ Арыы нэһилиэгэр (Аппааны) аныгы үйэ ирдэбилигэр эппиэттиир бэртээхэй воркаут зоналаах киин тутулла турар. Бу дьон-сэргэ, оҕо-уруу сөбүлээн сылдьар, дуоһуйа сынньанар сирдэрэ буолуоҕар олохтоохтор эрэнэллэр.
Тутуу «Уһук Илиҥҥэ 1000 тиэргэн» бырагыраама иитинэн ыытыллар.
Нэһилиэк дьаһалтатын бырайыактыыр салаатын исписэлииһэ Владимир Соловьев: «Бу уолан эрэр күөл түгэҕэ бүтүннүү ыраастанан, толору ыраас уу куттарыллыбыта. Онон быйыл кыһын хатааһылыырга бэртээхэй каток буолуоҕа. Оттон сайынын манна фонтан үлэлиэ, сынньана кэлбит дьон тыынан устуохтара. Сибиэһэй салгыҥҥа астына-дуоһуйа сэһэргэһэргэ табыгастаах, бэртээхэй ыскамыайкалар туруоруллуохтара. Оҕолор оонньуур былаһааккаланыахтара, сүүрэр-көтөр сирдэниэхтэрэ, хачыаллыахтара. Ыччаттар ролигынан хатааһылыахтара, доруобуйаларын чэбдигирдиниэхтэрэ, физкултууранан дьарыктаныахтара. Биллэн турар, манна оонньуу арааһа тэриллэн ыытыллар буолуоҕа. Бэдэрээччит бэйэбит уолбут, урбаанньыт Владислав Соловьев нэһилиэгин дьонун-сэргэтин туһугар бары кыһамньытын уурар», — диэн иһитиннэрдэ.
Ити курдук, нэһилиэк ортотугар турар Мавра күөлүн таһа уотунан-күөһүнэн сандаарыа, күрүө-хаһаа ситиэ-хотуо. Дьон-сэргэ баҕа санаалара олоххо киирэрин долгуйа, эрэнэ кэтэһэр.
Хаартыскалар нэһилиэк дьаһалтатын тиксэриилэрэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: