ХОБЛ сибикитин төһө билэҕин?
Уонча сылы быһа табахтаабыт дьоҥҥо кутталлаах, ол гынан баран эрдэттэн бохсуохха сөп ыарыылартан биирдэстэринэн тыҥа дьарҕатын обструктивнай ыарыыта (ХОБЛ) буолар. ХОБЛ сайдар биир төрүөтэ — табахтааһын.
ХОБЛ-лаах киһи бронхата синньиириттэн тыҥатын үлэтэ мөлтүүр, этэ-сиинэ ыарахан үлэни тулуйбат буолан иһэр, аҕылыыр, сотору-сотору инфекция киирэр, үлэлиир кэмигэр түргэнник сылайар. Бу сибикилэри үксүгэр атын ыарыылары кытта буккуйуохха, ол эбэтэр киһи сааһыран уонна хамсанара аҕыйаҕыттан дии саныахха сөп.
Киһиэхэ ХОБЛ баарын хайдах билиэххэ сөбүй?
— ХОБЛ илэ-бааччы биллэр сибикитэ – киһи аҕылыыра сыыйа-баайа күүһүрэр. ХОБЛ-лаах киһи кирилиэһинэн тахсарын уонна уруккута судургу да ноҕуруусканы ыарырҕатар. Бэл, көннөрү хаамарыгар, таҥнарыгар аҕылыыр.
— “Табахсыт сөтөлө” диэн баар. Күнү быһа эбэтэр сарсыарда тураат да сөтөллөр уонна силэ тахсар.
— Түөһүн иһэ хардьыгыныыр уонна уопсай туруга ыараабыта биллэр.
— Кислород тиийбэт сибикитинэн тарбахтар уонна уос көҕөрүүтэ буолар.
ХОБЛ-лаах киһи олоҕун хаачыстыбата сыыйа-баайа мөлтүүрүн өйдүөхтээхпит. Ыарыһах аҕылыыра элбиир, сөтөлө сытыырхайар, атын инфекция холбоһор.
Ыарыы сибикилэрин утары хайдах охсуһабыт?
Табахтан аккаастанар хаһан да хойут буолбатах. Онон, ыарыы үөскүүрүн сэрэтиэххэ сөп. Хайаан да терапевт уонна нарколог-бырааска сылдьыҥ.
(Наркология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансеырын матырыйаалынан)
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: