Ходууну хомуйан

Share

Быйылгы курдук халааҥҥа түбэспит, сорох сиргэ ардаан, сорохторго аһыҥа сатыылаан, кыайан оттооботох хаһаайыстыбаларга сүөһүнү-сылгыны кыстатыы уустук боппуруос. Онно Анатолий Петров сүбэтин таһаарабыт. 

Күһүн уу тоҥон, муус туран, киһини уйар буоларын кытта уу отун – ходууну муус үрдүнэн урут хото хомуйаллара. Ити биһиэхэ үксүн алтынньы ый бастакы күннэригэр түбэһэрэ.

“Ходуу” диэн монгол тыла. Оччоҕуна – онно алтыспыт өбүгэлэрбит бэрт өртөн муус отун эбинэн, ходуйан, сүөһүлэрин сылы таһаарар эбиттэр. Күөл күөх оттоох кытыы кыламанын – ходууну сылгы хаһан кыстыырыттан сылыктаатахха, сүөһүгэ да сирдэрбэт аһылык эбит.

Муус отун аллараа өттүгэр күөҕэ ордук элбэх. Онон хаар чарааһыгар эрэ ходууну бэлэмнэнэр. Анал хомуйардаах хотуурунан мустаран охсор ордук. Хотуур биитин арыый да өндөйөр охторуулаах оҥостон, муус оллурун-боллурун, хаарын хаптарбакка охсоҕун. Охтубут оту туспа үс-түөрт салаалаах атырдьаҕынан хомуйан ылар, төһө кыалларынан утары тиэйэр ордук. Оччоҕо  от хаарга хам тоҥмот. Оттон ходуу бугулун мууска өр хааллардахха – хаар да баттыыр. Аны кыра тыалга килиэ мууска тибии тибэр.

Муус халыҥын кэмнээн, көрөн ходууга сэрэнэн сылдьыллар. Элбэх киһи биир сиргэ – мууска мустубат. Муус тосторун, тыаһыырын истэн, хотойорун билгэлиир. Хойуу өт төрдө, мас-буор таһа, хаар типпитэ, андаатар уйата тоҥмокко сытааччы. Мууһа чараас буоларын иһин ити сирдэргэ ордук сэрэниллэр. Урут ходуу кэмигэр ууга түспүт, атаҕар ууну баспыт үгүс буолааччы.

Ходууну ынах сүөһүгэ аҥардастыы биэрдэххэ ходууллуур, ол аата сиэбэт. Онон үчүгэй күөх оту кытта буккуйан аһатыллар. Ол ынах сүөһү кэбинэригэр туһалаах. Хара маҥнайгыттан ходууну кыбыыга таһаараат, охсуллубутунан күөх чыыбаайы, кэнчээри эбэтэр оҕуруот аһын күөх сэбирдэхтэрин, отторун кытта холбуу бугулланар.

“Ходуу” диэн тоҥоруу кэнниттэн муус, сир үрдүгэр хомуллубут бары от көрүҥүн ааттыахха сөп. Холобурга, 1997 сыллаахха бэс ыйын бүтүүтүттэн самыыр сайын устата утуу-субуу  тохтообокко түспүтэ. Оннооҕор “дьахтар күһүҥҥү күннэрин” да бэлиэтээбэтэҕэ.

Онон айылҕа чахчы “уу сутун” аҕалбыта. Онон маннык уустук, сут дьылга ууга барыы сайыныгар ситэ оттоммотох ходуһа быйылгы отун хаар чарааһыгар да хомуллубатаҕа. Хадьымал саҕатыгар охсуллубакка турбутунан хаалбыт ходуһа ото, ол ууга тимирбит “уу аһа” – хонуу отунааҕар ордук ис састааптаах.

Ол дьыл аны алтынньы 14 күнүгэр “Бокуруопка” ситэ тоҥорботоҕо. Онон тиэхиньикэҕэ, бадарааҥҥа батыллар этэ. Маннык ходуйар киһи эмиэ сэрэниэхтээх. Кута сиэлин холуйарга олус сэрэхтээх.

Сорох соруйан күөх ыһыытын хойутаан, сир дөйө тоҥмутун кэннэ хомуйар. Ону сүөһүгэ кыһын сиэтээри. Маны биһиэхэ “Күүлэт” сопхуоска 80-с сылларга боруобаламмыта. Сүөһүгэ ходуу отун кытта холбоон аһатаҕын. “Криокорм” диэн кэлин тупсаран ааттанна. Бу биир бастыҥ аһылык буолара дакаастанна.

Анатолий Петров-Уу Туолата, РФ үтүөлээх мелиоратора, РФ Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ.

Хаартыска: Суордаах (Дьааҥы) дьаһалтатын архыыбыттан

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Түүл туһунан чахчылар

Түүл туһунан тугу билэбитий? Киһи түүлүн 90 бырыһыанын умнар уонна 10 бырыһыанын эрэ өйдөөн хаалар.…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

СҮБЭҺИТ: Үлүйбэт туһугар…

Саха сиригэр тыйыс-тымныы кыһыммытыгар киһи организма араас охсуулары ылар. Ол иһигэр үлүйүү биир саамай сүрүн…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ороһуоспа түүнүгэр кэлэр сайыны билгэлииллэр

Өбүгэлэрбит былыр-былыргыттан күн-дьыл туругун уонна инникитин хайдах буолуохтааҕын айылҕа уларыйыытынан, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр хамсаныытынан кэтээн көрөллөрө…

6 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Быйыл «Почему мамонты вымерли» саҥа киинэ киэҥ экрааҥҥа тахсыа

Быйыл Арассыыйа саамай уһук сиргэ - Хотугу байҕал пордугар биир  артыыстаах уонна бэлэмэ суох сценарийдаах…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Эдьигээннээҕи квартальнай хочуолунай биир хочуолун үлэлэттилэр

Эдьигээн сэлиэнньэтин 6 №-дээх хочуолунайын үлэҕэ киллэриитин тэрээһинэ түмүктэннэ, оттон 4 №-дээх хочуолунай салгыы оҥоһуллар.…

7 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Киин куоракка уот ситимэ быстыбытын оҥордулар

Дьокуускайга бүгүн, тохсунньу 6 күнүгэр, энергетиктэр уот ситимэ быстыбытын оҥордулар. Киин РЭС энергетиктэрэ киин куоракка …

7 часов ago