Салгыы
Хорсун быһыы умнуллуо суохтаах

Хорсун быһыы умнуллуо суохтаах

Ааптар:
27.05.2023, 09:09
Хаартыска: Ааптар тиксэриитэ.
Бөлөххө киир:

Александр Алексеевич Винокуров Уус Маайа улууһун Эдьээн нэһилиэгэр 1963 сыллаахха от ыйын 23 күнүгэр эбэҥки ыалыгар Варвара Евсеевна уонна Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа Алексей Дмитриевич Винокуровтарга төрдүс уолунан күн сирин көрбүтэ.

ӨРҮҮ ИННИКИ КҮӨҤҤЭ

Кыракый уолчаан Кээлбик диэн Продснаб учаастагар оҕо сааһа ааспыта. Онтон орто оскуоланы бүтэрэн, госпромхоз хаһаайыстыбатыгар булчутунан киирэн, аҕатын, убайдарын кытта биэнсийэҕэ тахсыар диэри ситиһиилээхтик бул­­таабыта. Госпромхозка бултуур кэмнэригэр Саха сиринээҕи Главохота түүлээх туттарыыга булдунан дьарыктанар хаһаа­йыстыбалар ортолоругар Социалистическай куоталаһыы тэрийбиттэригэр ленскэйдэр бастакы миэстэ, Эдьээн булчуттарын биригээдэтэ иккис миэстэ буолан, БСНХСБ бэлиэтинэн наҕараадаламмыттара. Ону таһынан, сылын аайы былаанын аһары толорон, “Сыл чөмпүйүөн булчута» бочуоттаах аатынан, үгүс хайҕал суруктарынан наҕараа­даланара. Александр үйэтин тухары бултаан, сылгы ииттэн, оттоон-мастаан тыа сирин биир бастыҥ үлэһит киһитэ буолар.

ИККИ УОЛЛААХТАР

Александр Алексеевич кэргэнэ Александра Николаев­налыын ыал буолбуттара отут биир сыла, икки уол оҕо­лоохтор. Улахан уола быйыл Украинаҕа баҕа өттүнэн ба­­йыаннай эпэрээссийэҕэ кыттан, улахан эчэйиини ылан эмтэнэ сылдьар. Кыра уол туризм, айылҕа эйгэтин үлэһитэ буолар баҕалаах үөрэнэ сылдьар.

СОРОХ АРДЫГАР БЭРТ НАҔЫЛЛЫК УСТАР

Хас саас аайы өрүс үрдүгэр олохтоох дьоҥҥо Алдан эбэбит барахсан көмүөлүн көтөҕөн этэҥҥэ ааһара – бу барыбыт үөрүүтэ буолар. Ол эрээри, дьыл дьылтан уратылаах буолааччы. Сорох сыл муус бэрт наҕыллык мөлбөйө устан иһэн, ханан эрэ харыы тахсан улахан иэдээни аҕалар.

Ону эрдэттэн туох да диэн таайар кыах суох буолар, айылҕа күүһэ бэйэтэ эрэ билэр. Маннык кэмҥэ киһи айылҕаттан тутулуктааҕын ордук өйдүүр. Арай, сүүрбэттэн тахса сылтан бэттэх сэрэтэр, ха­­лаан уутун мээрэйдиир гидропос­тар үлэлиир буолан, онон син өрүһүнэбит.

ХОРСУН БЫҺЫЫ

2018 сыллаахха биһигиттэн өрө диэки сэттэ килэмиэтир тэйиччи сытар Буор Хайа токуруйуутугар муус харан, улахан хоромньуну таһаарбытын бары өйдүүбүт. Өрүс муустаах уута хаатыттан тахсан, биэрэк ыалын дьиэтин барытын ылбыта. Бөһүөлэккэ да элбэх ыал хотонноро, дьиэлэрэ ууга барбыта. Көмүөл мууһа оту-маһы солуур тыаһа, үөһээ халлаан, аллара килэччи уу – дьэ, дьу­­лаан кэмнэр этилэр.

Онтон мууспут эмискэ төлө баран, уубут арыый түһэн эрэр кэмигэр Александр Алексеевич уу төһө түһэрин мээрэйдии сылдьан, сарсыарда 4-5 чаас саҕана быһыт диэки мотуор­даах оҥочо собуоттанарын истибитэ. Арай көрө биэрбитэ 200 миэтэрэ тэйиччи уолаттар мотуордара муус быыһынан баран иһэн мууска охсуллан, өрө барылыы түстэ да, оҥочо түгэҕэ эрэ көстөн хаалар. Ол түгэҥҥэ Александр баттаспыт эрэ киһи диэн санаалаах, биэрэккэ сүүрэн тахсан мотуор­катын быатын сүөрэ охсон, чараас ыстааннаах, ырбаахы­лаах эрэ оҥочотун эрдэн киирэн дьонугар тии­­йэригэр ким да көстүбэт эбит. Онтон икки төбө күөрэс гыммыт. Харбаан тиийииһиктэр диэн оҥочотуттан мантан тутуһуҥ диэт, быыһыыр сэлиэччигин быраҕан биэрбит. Мотуорун собуоттуу охсон тиийбит уола тимириэхчэ буол­бут, онтон биир илиитэ күөрэс гыммытыгар мотуорун умуллараары сыыһа харбаабыт. Онтон иккистээн күөрэс гыныытыгар хата күүстээх буолан, куруттан харбаан ылан оҥочотугар бырахпыт. Ол кэнниттэн анараа икки уолун оҥочотугар соһон таһаартаабыт. Бэйэтэ чараас таҥастаах, бэргэһэтэ да суох киһи муустаах ууга ыбылы тоҥон, уолаттары кытылы булларбыт. “Хата бары өрүһүлүннүлэр” дии санаан, уоскуйан дьиэтигэр тахсыбыт.

Дьэ, ити курдук сааскы халаан кэмигэр чыпчылы­йыах бэтэрээ өттүгэр хорсун санаалаах, булугас өйдөөх, түргэн-тарҕан туттуулаах Александр Алексеевич үс эдэр киһи олоҕун быыһаан турар. Хомойуох иһин, маннык хорсун дьоруойдуу быһыы улуус салалтатын да, быыһыыр уорганнар да өттүлэриттэн улахан туох да болҕомтоҕо ылыллыбакка таах хаалла…

ИККИ ТӨГҮЛЛЭЭН…

Икки төгүл Эдьээн олох­тоох дьаһалтатын аатыттан Уус Маайа улууһун дьаһалтатыгар ууттан дьону быыһаабыт Александр Алексеевиһы наҕараадаҕа түһэриҥ диэн хадатаа­йыстыба ыытан көрбүттэрэ да, туох да эппиэтэ суох, ууга тааһы бырахпыттыы сүппүтэ. Төһө да сыл-хонук аастар, бу хорсун быһыы олохтоохтор өйдөрүттэн арахпат.

Быйыл Үлэ сылынан уонна 60 сааһын туолар үбүлүөйдээх сылыгар түбэһиннэрэн, туһааннаах сала­йааччылар болҕомтоҕо ылан, туох эмэ дьаһал тахсара буол­лар диэн баҕа санаалаахпыт уонна эрэллээхпит. Маннык хорсун быһыы хаһан баҕарар иэдээҥҥэ түбэспиттэри быыһыырга холобур эрэ буо­луон сөптөөх.

ЭППИЭТИНЭСТЭЭХТИК ҮЛЭЛИИР

Биһиги Эдьээммит олохтооҕо Александр Алексеевич Винокуров сааскы халаан кэмигэр ЕДДС тэрилтэтигэр гидропост үлэһитинэн сүүрбэттэн тахса сылын олус эппиэтинэс­тээхтик үлэлээн кэллэ. Кини манна ууну мээрэйдииринэн эрэ муҥурдаммакка, сэрэтэр да, ыксаллаах кэмҥэ быыһыыр да саамай тутаах киһибитинэн буолар.

Ирина ВИНОКУРОВА, «Усть-Майский вестник» хаһыат
сахалыы балаһатын уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ.

Эдьээн, Уус Маайа.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
8 сентября
  • 12°C
  • Ощущается: 10°Влажность: 37% Скорость ветра: 7 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: