Хотугу норуоттар остуоруйаларын биллэр артыыстар аахтылар
«Газпром нефть» хампаанньа «Хоту дойду остуоруйалара» аудио-бырайыагар Арассыыйаҕа олорор хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар фольклордарын түмтэ.
Бырайыакка киэҥ нэлэмэн Арассыыйаҕа: Камчаткаттан, Саха сириттэн Мурманскай уобаласка тиийэ тайаан олорор эбээннэр, вепстар, хантылар, чукчалар, дьүкээгирдэр, нивхтэр, эбэҥкилэр, мансилар, ненецтэр, эскимостар, о.д.а. — табаһыттар уонна муора айанньыттарын остуоруйаларын Арассыыйа биллэр-көстөр артыыстара уонна тэлэбиидэнньэ ыытааччылара аахтылар диэн НТВ иһитиннэрэр.
Барыта 40-ча омук остуоруйатын skazkisevera.ru саайтка истиэххэ сөп.
— Хоту дойду остуоруйалара, омос көрдөххө, кылгас уонна судургу курдуктар, ол эрээри, кинилэр олохторун-дьаһахтарын, төрүт үгэстэрин, хайдах бултуулларын, сынньаналларын, алтыһалларын кэпсииллэр, үөрэтэллэр. Онон остуоруйалар оҕолорго олус туһалаахтар, — диэн тэлэбиидэнньэ ыытааччыта Тутта Ларсен НТВ биэриитигэр кэпсээтэ.
Билигин бу «Хоту дойду остуоруйаларын» интэриниэккэ көрдөтөн, араас аудиосервистэргэ истиэххэ сөп. Быйыл сайын хотугу фольклор дьоруойдарын көрүөххэ да сөп. Петербурдааҕы экэнэмиичэскэй пуорумҥа «Газпром нефть» хампаанньа «Открывая тундру» диэн мультимедийнай арт-эбийиэги көрдөрүөҕэ. Манна туундара айылҕатын, кыылларын көрүөххэ сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: