“Саха сирэ” хаһыат (sakha-sire.ru) хорсун-хоодуот буойуттарбытыгар анаан, дойдуга бэриниилээх буолууга иитэр соруктаах хоһоон куонкуруһун биллэрбитэ.
Уол оҕо – эр киһи
Уол оҕо — ат кулун,
Уол оҕо — эстибэт күүс!
Уол буолар — дурда-хахха!
Уол буолар – олох төрдө!
Доҕор, атас, табаарыс —
Көмүскэс санаалаах эр бэрдэ.
Кини куруук инники күөҥҥэ,
Бигэтик эрэлин толорор.
Ийэ дойдуга ананан кэлэн,
Ытык иэһин төлүөхтээх.
Эркин, эрэл – саллаат буолан
Дойдутун көмүскүөхтээх.
Дойдутун туһугар ыарахан түгэҥҥэ
Кэннинэн кэхтиэ суохтаах.
Уоттаах да сэриигэ
Кыайыыны уһансыахтаах.
Ыал олоҕо, тэнийэр кэскилэ,
Ыал тирэҕэ, аҕатыгар.
Сылаас дьиэни туттан киирэр,
Олоҕу түстүүр – эр киһи.
Ийэ күүстээх таптала —
Уолугар бэриллиэхтээх.
Олох салҕанар уйгута
Уол оҕоҕо, эр киһиэхэ.
Уус Алдан улууһун Бээди оскуолатын 2-с кылааһын үөрэнээччитэ Эрхан Захаров улахан киһилии хорсун быһыыны оҥорбут,…
Андрей Георгиевич Турантаев (17.10.1915 с-18.09.2005 с.) - СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Аҕа дойду Улуу сэриитин…
Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһининэн Саха сиригэр култуура сайдар. “Добро.рф ассоциацияҕа” киирэр “Култуура волонтердара” Бүтүн…
Уус Алдан улууһун Бороҕоннооҕу оҕо ускуустубатын оскуолатын материальнай-тиэхиньиичэскэй баазата биллэрдик хаҥаабыт. Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин…
Быйыл Арктика улуустарыгар Арктикатааҕы атыы-логистика хампаанньата олохтоох хаһаайыстыбалар үүннэрбит хаппыысталарын, сүбүөкүлэлэрин, моркуоптарын уонна хортуоппуйун киллэрэн…
ИДьМ Дьокуускайдааҕы 4-с нүөмэрдээх полиция салаатын дьуһуурунай чааһыгар, мэдиссиинэ тэрилтэтиттэн, куорат биир кыбартыыратыгар эр киһи…