Худуоһунньук Иннокентьевтар быыстапкалара (видео)
Муус устар 18 күнүттэн ыам ыйын 10 күнүгэр диэри «Үргэл» арт-галереяҕа «Худуоһунньук Иннокентьевтар династиялара» дьиэ кэргэн быыстапката үлэлиир.
Быыстапка Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылыгар ананан, хас да көлүөнэ худуоһунньуктар үлэлэрин көрдөрөр.
Дьоһун тэрээһининэн «Үргэл» арт-галерея дириэктэрэ, СӨ норуодунай худуоһунньуга Юрий Спиридонов эҕэрдэлээтэ. Кини бу быыстапка саха норуотун уонна айылҕатын араас өҥүнэн көрдөрөр хатыламмат хартыыналардааҕынан уратытын бэлиэтээтэ.
Үөрүүлээх күҥҥэ талааннаах дьиэ кэргэҥҥэ элбэх эҕэрдэ тыл ананна. Дьокуускай куорат норуот айар талаанын уокуруктааҕы киинин дириэктэрин солбуйааччы Ньургуйаана Ушницкая, Саха сирин Худуоһунньуктарын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Ольга Скорикова, бэрэссэдээтэли солбуйааччы Наталья Николаева, П.П.Романов аатынан художественнай училище преподавателлара, бэйиэт Анатолий Старостин-Сиэн Кынат уо.д.а. эҕэрдэлээтилэр.
Иннокентьевтар дьиэ кэргэн айар талааннарыгар сүгүрүйээччилэр, устудьуоннар уо.д.а. кэлбиттэр. Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет тыйаатырын артыыһа Владимир Павлов, Хатастааҕы «Тускул» кулууп исписэлииһэ Наталья Руфова, хомусчут Айсен Деллохов уонна ырыаһыт Сардаана Трофимова-Көмүс ырыаларынан-тойуктарынан үөрүүгэ кыттыстылар.
Быыстапка кыһыл лиэнтэтин арыйыах иннинэ Николай Иннокентьев налыччы олорон олоҕун кэрдиис кэмнэрин, кыргыттарын ситиһиилэринэн киэн туттарын кэпсээтэ.
х х х
Иннокентьевтар дьиэ кэргэн педагогикаҕа уопсай ыстаастара 107 сылга тэҥнэһэр.
Николай Иннокентьев -– Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай худуоһунньуга, САССР ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, худуоһунньук-живописец уонна педагог, РФ Худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, Доҕордоһуу Уордьанын кавалера, Арассыыйа Худуоһунньуктарын сойууһун «Духуобунас. Үгэстэр. Маастарыстыба» номинацияҕа кыһыл уонна боруонса мэтээллэринэн наҕараадаламмыта.
Кини 1973-2018 сылларга, 45 сыл устата П.П.Романов аатынан Саха сиринээҕи художественнай училищеҕа «Живопись» отделениетыгар преподавателинэн үлэлээтэ. Кини айар үлэтин 70-с сыллартан саҕалаабыта. Ол да иһин, бастакы хартыыналарыгар Байкал-Амур магистралын тутууну, тутааччылар мэтириэттэрин, кэрэ айылҕаны уо.д.а. элбэҕи көрөҕүн. Талааныгар сүгүрүйээччилэр Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээннэрин мэтириэттэрин, саха дэриэбинэтин олоҕун сүрэхтэригэр чугастык ылыналлар, кэрэхсииллэр.
Худуоһунньук дьиэ кэргэн аҕа баһылыгын хартыыналара СӨ Национальнай художественнай түмэлигэр, Канада, Япония, АХШ уонна Кытай чааһынай кэллиэксийэлэригэр бааллар.
Үс кыыс үһүөн аҕаларын суолунан баран, билигин киэҥник биллэр худуоһунньуктар, педагогтар. Кинилэр олоххо тус көрүүлэрин уруһуй араас жанрынан ойуулаан көрдөрөллөр.
Улахан кыыс Мария Николаевна Санкт-Петербурга И.Е.Репин аатынан судаарыстыбаннай академическай институт живописка факультетын бүтэрбитэ, Арассыыйа Худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ. 2000 сылтан Саха сиринээҕи художественнай училищеҕа «Живопись» отделениетыгар анал дьиссипилиинэлэргэ үөрэтэр.
Орто кыыс Ньургуйаана уонна кыралара Айталина Саха сиринээҕи художественнай училищены уонна В.И.Суриков аатынан Москватааҕы судаарыстыбаннай академическай институту кыһыл дипломунан бүтэрбиттэрэ. Ньургуйаана Николаевна кыргыыс скульптора Аскар Турумбековка кэргэн тахсан, Бишкеккэ олорор, устудьуоннары уруһуйга уһуйар, Кыргызстан Худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ. Айталина Николаевна РФ Худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, 2002 сылтан преподаватель, үөрэммит училищетыгар 2016 сылтан үлэлиир.
ххх
Училищеҕа преподаватель Иннокентьевтарга үөрэммит ыччаттар араас хабааннаах куонкурустарга кытталлар, салгыы Москва, Санкт-Петербург, Красноярскай, дойду атын да үрдүк үөрэҕин кыһаларыгар ситиһиилээхтик үөрэнэллэр.
Николай Иннокентьев кэнники сылларга быыстапкалары кыргыттарын уонна үөрэнээччилэрин кытары оҥорор. Кинини кыргыттара эрэ буолбакка, аны, сиэннэрэ утумнууллар. Бүгүҥҥү быыстапкаҕа күтүөттэрин уонна сиэннэрин хартыыналарын эмиэ көрүөххэ сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: