Идэҕэ эрдэттэн туһаайар тэрээһиҥҥэ ыҥыраллар
Алтынньы 25 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” устуоруйа пааркатыгар “Идэ бэстибээлэ” ураты тэрээһин буолаары турар. Бэстибээлгэ оскуола үөрэнээччилэрэ, устудьуоннар, үлэ биэрээччилэр, үрдүк, орто үөрэх кыһаларын бэрэстэбиитэллэрэ кыттыахтара.
Биһиги сорукпут – үөрэнээччилэргэ эрдэттэн идэҕэ туһаайыы үлэтин ыытыы, эрдэҕэс оҕолор билсэн, инникитин идэлэрин сөпкө талалларыгар көмөлөһүү.
Тэрээһин кыттааччыларга өрөспүүбүлүкэҕэ ирдэнэр идэ арааһын билиһиннэриигэ туһаайыллар.
Бэстибээл бырагыраамата:
— уопуттаах исписэлиистэр интерактивнай маастар-кылаастара;
— үөрэх тэрилтэлэрин билиһиннэрии;
— трениннэр, оонньуулар, быыстапкалар, о.д.а.
Ону тэҥэ, өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыгар нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун сулууспалара “Мой выбор – моя профессия” күнү тэрийиэхтэрэ.
Эдэр дьоҥҥо, ол иһигэр оскуола үөрэнээччилэригэр, идэҕэ туһаайар тэрээһиннэри ыытыахтара, тэрилтэлэринэн экскурсияҕа сырытыннарыахтара, араас идэлэр бэрэстэбиитэллэрин кытта көрсүһүүлэр буолуохтара.
Тэрийээччилэр: СӨ дьарыктаах буолуутун судаарыстыбаннай кэмитиэтэ, СӨ Үөрэҕин, билимин министиэристибэтэ, “Арассыыйа – мин устуоруйам” устуоруйа паарката.
Тэрээһиҥҥэ киирии босхо, бэлиэтэнии ирдэммэт.
Эбии иһитиннэриини маннык нүөмэринэн ыйыталаһыаххытын сөп: СӨ дьарыктаах буолуутун судаарыстыбаннай кэмитиэтин идэҕэ үөрэтиини тэрийэр салаа: 507-805, 507-804. Бу туһунан СӨ дьарыктаах буолуутун судаарыстыбаннай кэмитиэтэ сырдатар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: