Иенграҕа амбулатория үлэҕэ киириэҕэ

Share

Ил Дархан Айсен Николаев сэтинньи 10 күнүгэр  Нерюнгри оройуонугар оробуочай сырыытын кэмигэр  Иенгра сэлиэнньэтигэр амбулатория тутуутун бэрэбиэркэлээтэ.

Амбулатория “Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыак чэрчитинэн тутуллар. Биир этээстээх дьиэ уопсай иэнэ – 180 квадратнай миэтэрэттэн тахса, тутуу уопсай сыаната — 19, 9 мөлүйүөн солкуобай, итинтэн 15 мөлүйүөнтэн тахса солкуобайа федеральнай бүддьүөттэн бэриллибитэ.

«Нэһилиэк олохтоохторо саҥа амбулатория тутулларын күүтэллэр. Биһиги хаачыстыбалаах мэдиссиинэ өҥөтүн оҥорорго бары усулуобуйаны барытын оҥоруохтаахпыт. Эбийиэги сыл бүтүүтэ киллэрэргэ былааннаммыта. Эбийиэги болдьохтоох кэмигэр тутан бүтүү улахан суолталаах”, — диэн Айсен Николаев бэлиэтээн эттэ.

Нерюнгритааҕы киин балыыһа кылаабынай бырааһа Алексей Яворскай билиҥҥитэ инженернэй ситимнэри тардыы уонна ис үлэни ситэрии хаалбытын туһунан кэпсээтэ.

Ил Дархан тутууну түргэтэтэргэ уонна эбийиэги болдьоммут кэмигэр киллэрэргэ сорудахтаата.

Амбулаторияҕа уопсай быраактыка быраастара, учаастактааҕы уонна процедура сиэстэрэлэрэ, биэлсэрдэр үлэлиэхтэрэ. Ону таһынан улахан дьоҥҥо уонна оҕолорго күнүскү сытар стационар баар буолуоҕа.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ыам ыйын 1 күнэ: хаар уонна ардах

Бүгүн, ыам ыйын 1 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-илин улуустарыгар сорох сирдэринэн инчэҕэй хаар, соҕуруулуу-арҕаа улуустарга…

49 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Бөрө үүтээнигэр» туризм тула соргулаах соруктар турдулар

Аҕыйах сыллааҕыта туризмҥа кэлиэҥ диэбиттэрэ буоллар, ол саҕана култуура киһитэ "диэ" диэн саҥа аллайыам эбитэ…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үлэ киһитэ — Андрей Турантаев

Андрей Турантаев саха төрүт сүөһүтүн тэнитэр “Саха сүөһүтэ” генопуонда тэрилтэҕэ 2013 сылтан үлэлиир. – Кылаабынай…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Мэдиссиинэҕэ үрдүк технологиялаах көмөнү оҥоруу 20 төгүл элбээтэ

Мэдиссиинэҕэ үрдүк технологиялаах көмөнөн (ВМП) өрөспүүбүлүкэ хас биирдии олохтооҕо туһанар бырааптаах. Онуоха эмтиир быраас, балыыһа…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тэрилтэлэри бэйэ этинэн хааччыйаллар

Үөһээ Бүлүү олохтоохторо Васильевтар дьиэ кэргэн улуустарыгар бастакы бөдөҥ пиэрмэр бааһынай хаһаайыстыбатын быһыытынан биллэллэр. –…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Бырааска колл-киин нөҥүө суруйтарар судургу

Колл-киин 122 нүөмэригэр эрийэн баран, "1" кунуопканы эбии баттыыгын  уонна көмөлөһөөччү куолаһа тугу этэрин толороҕун.…

14 часов ago