Игнатий Слепцов-Хайа Тыала: «Саха саллаата»

Share

“Саха сирэ” хаһыат (sakha-sire.ru) хорсун-хоодуот буойуттарбытыгар анаан, дойдуга бэриниилээх буолууга иитэр соруктаах хоһоон куонкуруһун биллэрбитэ.

Куонкуруспут 35-с кыттааччыта Игнатий Слепцов — Хайа Тыала:

Саха саллаата

Мин баартым дойдубун көмүскүү

Бар дьонум дьоллорун көрдөөрү,

Ийэ сир сайыһа хаалбыта

Атаартыҥ эн миигин эбэкээм.

Саа-саадах диэн тугун билбэтэх,

Ыыр үктээн алаастан барбатах,

Ыар аччык хара буор быыһынан,

Хаһыыннан сүүрэрбит күннэтэ.

Хаһан да кыа хааны тохпотох,

Өлөр диэн да тугун билбэтэх,

Эдэркээн бэйэбит эмискэ,

Өстөөххө утары киирбиппит.

Ыар кэмҥэ бааһырар түгэҥҥэ,

«Доҕор» диэн, бу манна дьэ баара,

Ыйылас буулдьа да быыһыттан,

Санныгар сүгэрэ, ээр сэмээр.

Сахабыт тылыттан атыны

Билбэппит биһиги бэдэрдэр,

Ол да буолларбыт, сапсынан,

Өйдөһөр буолбуппут устунан.

Өйдөһүү-өйөһүү манна баар,

Бары биир санаанан сылдьартан,

Сүүрүктүү устаахтыыр кыһыл хаан,

Сүүһүнэн доҕоттор тыыннара…

Оо, хаһан да тэйбэтэх бэйэбит,

Ахтарбыт хаан-уруу дьоммутун,

Суругу-бичиги билбэтэх,

Алаастан кый-ыраах барбатах…

Куораттан-куораты быыһыырбыт,

Оҕону-урууну, норуоту,

Ким төһө өстөөҕү өлөртө,

Биллибэт да этэ ардыгар.

«Ити мин өлөртүм» диир аньыы,

Киһини өлөрөр хара дьай,

Ол иһин сорохтор саһарбыт,

Киэн тутта ааттаммат этибит.

Ыарахан да кэмнэр эбиттэр

Билигин да сүрэх уоскуйбат,

Ыһыытаан-хаһыытаан ардыгар

Билигин да түүлбэр сэрии баар.

Ол ааспыт кэмнэри саныыртан

Кэпсииртэн туттуна сатыыбын.

Кыайыыга да соччо үөрбэппин

Кыахтаах да ыччаттар бартара!!!

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

7 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

8 часов ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

8 часов ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

9 часов ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

9 часов ago