Иитээччи искибиэрэ аһылынна

Share

Сэтинньи 17 күнүгэр Дьокуускайга саҥа искибиэр  баар буолла. 203-с түөлбэҕэ Иитээччи искибиэрин  арыйдылар. Мантан чугас Дьокуускайдааҕы педагогическай кэллиэс, Педагогическай институт уонна Үөрэҕирии сайдыытын института бааллар. Ону тэҥэ, бу түөлбэҕэ икки оскуола, 5-6 уһуйаан баар буолан, эдэр ыаллар олохсуйаллар.

Хаартыска: "Сахапарламент"

Манна иитээччи уонна үс оҕо скульптуралара боруонсаттан кутуллан, турдулар. Ону тэҥэ, «Оҕо кута» диэн харысхаллаах холуонна турда. Бу харысхалга кэлин оҕо кутун иҥэриниэн баҕалаах ыаллар кэлэн, баҕа санааларын этэр сирдэрэ буолуон сөп эбит.

Скульптура ааптара — РФ үтүөлээх скульптора Афанасий Романов. Искибиэри оҥоруу идиэйэтин бу түөлбэҕэ баар «Сардаана» уһуйаан сэбиэдиссэйэ Марианна Иванова былырыын киллэрбит эбит.

Искибиэри үөрүүлээхтик арыйыы сиэригэр-туомугар Ил Түмэн наукаҕа, үөрэҕириигэ бастайааннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Антонина Григорьева, Дьокуускай куорат дьаһалтатын үөрэххэ управлениетын начаалынньыга Мария Петрова, үөрэх министиэристибэтин эбии үөрэхтээһиҥҥэ, иитиигэ, уопсай үөрэхтээһиҥҥэ судаарыстыбаннай бэлиитикэ департаменын сүрүн исписэлииһэ Туйаара Васильева, уо.д.а. кыттыыны ыллылар.

Хаартыска: "Сахапарламент"

Бу искибиэр түөлбэ тутуллуоҕуттан, 2019 сылтан баар эрээри, үчүгэйдик оҥоһуллубакка, көрүллүбэккэ турбута. Мас олордубуттара эрээри, уу кутар тэрилтэ анамматах буолан, кумах буорга хатан хаалбыттара. Былырыын сибэкки олордубуттара, уу кутар буолбуттара. Иитээччи искибиэригэр аны болҕомто ууруллан, күөх мастары, сиэдэрэй сибэккилэри үүннэрэн, куорат олохтоохторо сөбүлээн сылдьар, сынньанар сирдэригэр кубулуйуо диэн эрэнэбит.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Эдьигээҥҥэ өссө биир хочуолунай үлэлээтэ

Эдьигээҥҥэ "Кыайыы 65 сыла" хочуолунайга 4 №-дээх хочуол үлэҕэ киирдэ. Билиҥҥи туругунан онно 7 хочуол…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

«Умсулҕаннар» быыстапкаларыттан (ВИДЕО)

Уус Алдан улууһугар "Умсулҕан" кэллиэксийэньиэрдэр түмсүүлэрэ тэриллибитэ 30 сыл буолла. [gallery ids="180048,180049,180047"]   Түмсүүнү оҕо…

3 часа ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Сүллүкүүттэр хаһан тахсалларый? Ойбонтон хаһан уу ылабытый?

Тохсунньу Таҥха ыйынан биллэр. Сыл ахсын сүллүкүүттэр хаһан тахсар этилэрий, ойбонтон хаһан уу ылар этибитий…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Бээдилэр ох саанан ытыыга күрэхтэстилэр

Түгэнигэр сөп түбэһиннэрэн ахтан аастахха, былыр өбүгэлэрбит тутта сылдьыбыт малларын уонна үгэстэрин сөргүтүү үгэскэ кубулуйда.…

5 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Өспөхтөр 187 хаххалыыр сиэккэни оҥордулар

Уус Алдан улууһун Өспөх нэһилиэгин олохтоохторо,"Доброволецтар" волонтердар хамсааһыннарын (сал. Светлана Архипченко, Дьокуускай к.) филиала, байыастарга…

5 часов ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Тохсунньу билгэлэрэ

Саха сиригэр будулҕан туманнаах тоһуттар тымныылар үгэннээн турар кэмнэрэ. Бырааһынньыктар түмүктэнэн, тулалыыр айылҕабытын кэтээн, тохсунньу…

6 часов ago