Ийэ дойдуну көмүскээччи сылын кэнсиэпсийэтин бигэргэттилэр
Дьону патриотическай иитии сүрүннүүр сэбиэтигэр бу кэнсиэпсийэни бигэргэттилэр. Мунньаҕы Айсен Николаев салайда.
Эрэгийиэн баһылыга саҥа көлүөнэни иитиигэ бу сыл улахан оруоллааҕын эттэ.
«Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла — бу тэрээһиннэр эрэ буолбатах. Бу өрөспүүбүлүкэ хас биирдии олохтооҕун дойдубут улуу устуоруйатыгар сыһыанын кэрэһилиир», — диэтэ Айсен Николаев.
Кэнсиэпсийэ сүрүн сыалынан патриотическай уонна сиэр-майгы өттүнэн иитии бары ирдэбиллэрин түмүү буолар. Онон бу эйгэҕэ исписэлиистэр таһымнарын үрдэтэр моделлары тэрийиэхтэрэ. Патриотическай хайысхалаах тэрээһиннэргэ өрөспүүбүлүкэ олохтооҕун 50% үөһээ, элбэх киһини кытыннарыахтара.
Ыччат дьыалаларыгар уонна социальнай коммуникацияларга миниистир э.т. Игорь Юргин судаарыстыбаннай уорганнарга, олохтоох салайыныы уорганнарыгар, кэмиэрчэскэйэ суох уопсастыбаннай тэрилтэлэргэ патриотическай иитиигэ биир стандарт туһаныллыа диэн бэлиэтиир.
Үөрэнээччилэр уонна устудьуоннар патриотическай иитии куурустарын ааһыахтара. Ылыныллыбыт кэнсиэпсийэ тэрээһиннэри ыытыыга тирэҕинэн буолуоҕа. Мунньахха «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр судаарыстыбаннай бэлиитикэ туһунан» 1998 с. сокуоҥҥа уларытыылары киллэрэргэ этилиннэ.
Санатан эттэххэ, Ийэ дойдуну көмүскээччи сылын биллэрэр туһунан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ Анал этиитигэр эппитэ. Онно эрэгийиэн баһылыга Улуу Кыайыы туһунан өйдөөн-санаан фашизмы утары охсуһууга түмсэргэ ыҥырбыта.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: