Хаартыска: СИА.
«Дьиэ кэргэн» Өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаалын үбүн оҕо тииһин оҥорторорго ыытыахха сөп буолла. Ил Түмэн пленарнай мунньаҕар дьокутааттар Ийэ хапытаалын туһунан сокуоҥҥа уларытыылары киллэрдилэр.
Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, 4-14 саастаах оҕолор 80-90%-рын тиистэрэ алдьаныылаах. Ону тэҥэ, оҕо тииһин эмтэтии, сыҥааҕын көннөрүү, брекети олордуу олус сыаналаах — 80-150 тыһыынча солкуобай. Ыраах улуустарга олорор оҕолорго тииһи эмтэтии, брекети туруортарыы олус эрэйдээх.
Ил Дархан ыйааҕынан, 2024 сыл тохсунньу 1 күнүттэн, үһүс оҕоҕо бэриллэр Өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаалын суумата икки төгүл үрдээн, 300 тыһыынча солкуобайга тэҥнэспитэ. Бу сыл саҕаланыаҕыттан 670 дьиэ кэргэн бу Ийэ хапытаалын ылан туһаннылар.
Бу иннинэ дьокутааттар Өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаалын туһаныы хайысхаларын кэҥэппиттэрэ — оҕо эмтэнэ барарыгар айанын ороскуота төлөнөр буолбута уонна үрдүк технологиялаах мэдиссиинэ көмөтүн ылар кыахтаммыттара.
Дьиэ кэргэн, Оҕо саас сылларыгар оҕолор доруобуйаларыгар болҕомто ууруллар, сокуонунан бигэргэнэр.
Бүгүн, балаҕан ыйын 19 күнүгэр, Саха сирин үгүс улуустарыгар быстах ардыыра, сорох сирдэринэн инчэҕэй хаар…
Дьокуускайга полиция 3 отделын дьуһуурунай чааһыгар эт-хаан эчэйиитин ылбыт Кангаласс олохтооҕо дьахтартан сайабылыанньа киирбит. Ол…
Бүтүн Арассыыйатааҕы байыаннай-тактическай «Путь воина» күрэхтэһии икки полуфиналын түмүгүнэн Саха сирин уонна Тюмень уобалаһын «ВОИН»…
Дьокуускайга 35 саастаах дьахтар үлэлиир тэрилтэтиттэн 2,7 мөлүйүөн солкуобайы уоран, холуобунай дьыала тэрилиннэ. ИДьМ Силиэстийэлиир…
Уһун, тымныы кыһыннаах, тыйыс айылҕалаах хоту дойдуга олорор буоланнар, өбүгэлэрбит барахсаттар күөх сайын уунар уйгутуттан…
Бүгүн, балаҕан ыйын 18 күнүгэр, Үөһээ Бүлүүгэ үлэ сырыытынан Ил Дархан Айсен Николаев уонна СӨ…