Ийэлээх кыыс – «Кэрэ ситимнэрэ»
Бэҕэһээ Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас, Мэҥэ Хаҥаласка Тыа хаһаайыстыбатын сылынан уонна кэлэн иһэр сааскы маҥнайгы бырааһынньыгынан «Кэрэ ситим» улуустааҕы куонкурус тэриллэн ыытылынна.
Куонкурус чөл олохтоох, ураты дьарыктаах дьиэ кэргэттэри көҕүлүүр, ийэ оруолун суолтатын, кыыс оҕо уратытын бэлиэтиир, төрөппүт эппиэтинэһин үрдэтэр, кыыс оҕо уонна ийэ бэйэ-бэйэлэригэр истиҥ сыһыаннарын көрдөрөр аналлаах тэрилиннэ диэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Уопсайа алта дьиэ кэргэн – Тараҕай нэһилиэгиттэн Раиса Степанова кыыһынаан Туйааралыын, Аллараа Бэстээхтэн Розалия, Күннэй Дмитриевалар, Майа сэлиэнньэтиттэн Алена Рязанская кыыһынаан Арианналыын, Төҥүлүттэн Ньургуйаана Борисова кыыһынаан Айыыналыын, I-кы Наахара нэһилиэгиттэн Нина, Александра Титовалар, I-кы Баатараттан Мария Плюк кыыһынаан Айысхааналыын кытыннылар.
Күрэх саҕаланыыта Александр Сергеевич Пушкин төрөөбүтэ 225 сылыгар анаан, кини хоһооннорунан доҕуһуоллатан, кыттааччылар Пушкин кэминээҕи таҥаһынан симэнэн бэйэлэрин көрдөрдүлэр.
Куонкурус биэс түһүмэҕинэн ыытылынна. Ол курдук: «Ийэм уонна мин» бастакы түһүмэххэ кыттааччылар эрдэтинэ бэлэмнээбит дьоҕус видеороликтарын көрдөрөн саҕалаатылар, сахалыы симэнэн тахсан бэйэлэрин билиһиннэрдилэр.
«Биһиги дьүөгэлиилэрбит» иккис түһүмэххэ ийэ кыыһынаан сэрэбиэй быһыытынан биирдии ыйытыыны тардан ылан ыйыллыбыт быһыыга бэйэлэрэ туох санаалаахтарынан хоруйдаатылар.
«Кэлбит кэрэхсээтин, көрбүт сөхтүн» үһүс түһүмэххэ ким ыллаан, ким үҥкүүлээн, хоһоон ааҕан, чабырҕахтаан, хомустаан, тойуктаан талааннарын көрдөрдүлэр.
«Чөл олох – чөл турук» төрдүс түһүмэххэ кыттааччылар бука бары тахсан аэробика хамсаныыларын оҥордулар.
«Кэрэ ситим ‒ кэрэ көстүү» бэһис түһүмэххэ кыттааччылар бэйэ тигиитэ авангард муодалаах таҥас дефилетин көрдөрдүлэр.
Ону тэҥэ, иллэҥ кэмнэригэр иистэнэн, баайан, тигэн чочуйан таһаарбыт оҥоһуктарын, уруһуйдарын көрдөрүүгэ туруордулар. Күрэҕи саха эстрадатын уонна Мэҥэ Хаҥалас улууһун чаҕылхай «сулустара» ылбаҕай ырыаларынан киэргэттилэр.
Дьүүллүүр сүбэ сиэрдээх быһаарыытынан «Кэрэ ситим» улуустааҕы күрэх түмүгүнэн «Талба талаан ситимэ» анал аат Мария уонна Айысхаана Плюктарга (1-кы Баатара нэһилиэгэ), «Истиҥ сыһыан ситимэ» анал аат Нина Титова кыыһынаан Александралыын (1-кы Наахара нэһилиэгэ), «Уран ситимэ» анал аат Раиса уонна Туйаара Степановаларга (Тараҕай нэһилиэгэ) тигистилэр.
«Кэрэ ситим» күрэх 3-с үрдэлин Майа сэлиэнньэтиттэн Алёна Рязанская кыыһынаан Арианналыын, «Кэрэ ситим» күрэх 2‒с үрдэлин Төҥүлүттэн Нюргуяна уонна Айыына Борисовалар ыллылар, оттон «Кэрэ ситим» улуустааҕы күрэх муҥутуур кыайыылаахтара ааты Розалия, Күннэй Дмитриевалар (Аллараа Бэстээх бөһүөлэгэ) ыллылар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: