Салгыы
Ийэлэргэ аккырыыкка бэлэхтээн, үөртүлэр

Ийэлэргэ аккырыыкка бэлэхтээн, үөртүлэр

04.10.2022, 14:30
Бөлөххө киир:

“Ил Түмэн” кыһа уонна “Арассыыйа буостата” быйыл олунньуга Ийэ сылыгар аналлаах “Ийээ, эйигин таптыыбын!” аахсыйаны саҕалаабыттара.

Билигин 9 тыһыынча аккырыыкка тахсыбытыттан, 5 тыһыынчаттан тахса аккырыыкка ийэлэргэ буостанан ыытыллыбыт. Сүрүннээн өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр үөрэнэ сылдьар усутудьуоннар, сулууспалыы сылдьар саллааттар сахалыы, нууччалыы суруктаах, тупсаҕай ойуулаах аккырыыккалары ийэлэригэр ыытан, соһуччу үөрдүбүттэр.

Аахсыйаҕа Мииринэй куораттааҕы типография, “КОЛМАР” чох хостуур хампаанньа, ыччат түмсүүлэрэ кыттыспыттар. Уһук Илиннээҕи Бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэ үлэһиттэрэ көхтөөх кыттыыны ылбыттар. Байыаннай чаастарга 2 тыһыынчаттан тахса, устудьуоннарга 500-тэн тахса аккырыыкканы тарҕаппыттар.

Ону тэҥэ, “Ил Түмэн” бэчээттиир кыһа халаантан эмсэҕэлээбит Дьааҥы, Кэбээйи улуустарыттан кэлэн, “Бэс Чагда” лааҕырга сынньана сылдьар оҕолорго аахсыйаны ыыппыттара. 200-тэн тахса оҕо ийэлэригэр тапталга билинэн, аккырыыккалары ыытан, үөрдүбүттэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 октября
  • 2°C
  • Ощущается: 2°Влажность: 93% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: