Ийэлэргэ судаарыстыбаннай наҕараадалары туттардылар

Share

Сэтинньи 27 күнүгэр Арассыыйаҕа Ийэ күнэ бэлиэтэнэр. Бу күнү көрсө Ил Дархан Айсен Николаев элбэх оҕолоох ийэлэргэ судаарыстыбаннай наҕараадалары туттарда.

Ийэ буолуу – үрдүк чиэс эрэ буолбатах, бу – улахан эппиэтинэс, сыралаах үлэ. Дьиэ кэргэн туруктаах буоларыттан уопсастыба, дойду туруга эмиэ тутулуктаах. Онон дьиэ кэргэҥҥэ судаарыстыбаннай көмө оҥоһуллара суолталаах. Саха сиригэр дьиэ кэргэн бэлиитикэтэ үрдүк таһымнаах. Биһиги норуоппут историята биир киһиттэн – Ийэттэн силис тардар. Ийэни туох да солбуйбат. Дьахтар доруобуйатын харыстааһын биһиги биир уталытыллыбат сорукпут. Сылтан сыл элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр ахсааннара эбиллэн иһэринэн киэн туттабыт. Өрөспүүбүлүкэҕэ 33 тыһыынчаттан тахса элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр бааллар, кинилэртэн 2 тыһыынчаттан тахса ыал биэстэн элбэх оҕолоохтор. Быйыл хат дьахталларга, эмтэрэр ийэлэргэ кэккэ тэрээһиннэр ыытылыннылар. Ийэ сылыгар 10 ый устата 9558 оҕо төрөөтө. 7507 оҕоҕо “100 сыл оҕолоро” хапытаалы ыллылар, — диэн кини эттэ.

“Ийэҕэ үрдүк махтал” бэлиэнэн Дьааҥы улууһугар олорор Людмила Слепцова наҕараадаланна. Кини 6 оҕону төрөппүт уонна 12 оҕону иитэ ылбыт. 10 оҕото оскуолаҕа үөрэнэр, улахаттара үлэлииллэр, аармыйаҕа сулууспалыыллар. Слепцовтар үс сиэннээхтэр.

Сунтаар улууһун Кэмпэндээйититтэн сылдьар 10 оҕолоох Афанасия Конобулова Ил Дархан илиититтэн “Дьоруой Ийэ” бэлиэтин, уордьанын тутта. Бу эдэркээн ийэ уон биирис оҕотун сүрэҕин анныгар илдьэ сылдьар эбит. Кини ийэлэр ааттарыттан үрдүк наҕараадатыгар махтанан тыл эттэ. Мантан да атын ийэлэр «Ийэ албан аата» мэтээлинэн, бырабыыталыстыба, Ил Дархан Бочуотунай грамоталарынан наҕараадаланнылар.

Ийэ сылыгар дьиэ кэргэҥҥэ, оҕо аймахха, ийэ буолууга аналлаах элбэх тэрээһин ыытылынна. Сокуон да өттүгэр элбэх уларыйыылар буоллулар. Холобур, 5-тэн элбэх оҕолоох ыалларга дьиэ-уот нолуогуттан босхолоноллорун туһунан сокуон тахсыбыта.

Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Олоҥхолооһун уонна олоҥхоһут

М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Олоҥхо института биэс туомнаах Олоҥхо энциклопедиятын бэлэмнээн таһаарыыга үлэтин саҕалаата. Маҥнайгы…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

Амма оҕолоро 12 киилэ хаппаҕы хомуйдулар

Амматааҕы коррекционнай оскуола үөрэнээччилэрэ "Амма айылҕатын харыстыыбыт" аахсыйа иитинэн 12 киилэ хаппаҕы хомуйдулар диэн "Экология…

5 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Түмэллэргэ Дьоруойдар тустарынан

Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойдарын ааттарын сүгэр түмэллэр Томпо улууһугар Кириэс Халдьаайыга уонна Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Баатараҕа…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ньурбаҕа минньигэс дьөрбөнү үүннэрэр кыыс

Бэйэ дьыалатын тэриниэн баҕалаахтарга социальнай хантараак өҥөтө баар. Бу өҥөнөн туһанан улуустарга, куораттарга дьон бэйэ…

7 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

ВИДЕО: Таатта байыаһа Новокалиновоны штурмалааһын туһунан кэпсээтэ

"Лавина" батальон байыаһа "Якут" диэн позывнойдаах саха уола Новокалиновоны босхолооһуҥҥа кыттыбыт. Кини бу туһунан Семен…

7 часов ago
  • Сонуннар

Наталия Захарова: “Оҕолорбутунан киэн туттар түгэммит үгүс…”

Ил Дархан Айсен Николаев Этиитигэр оҕо дьиэ кэргэн тапталын билэ улаатарын туһугар оҕо ииттэ ылар…

8 часов ago