Дьааҥы улууһун Арыылаах нэһилиэгэр «Арассыыйа ийэлэрэ» уопсастыбаннай тэрилтэни 2016 сыллаахтан иилээн-саҕалаан үлэлэтэр Бурнашева Наталья Софроновна байыаннай эпэрээссийэҕэ инники кирбиигэ сылдьар буойуттарга нэһилиэги, тэрилтэлэри таһынан, биирдиилээн дьон, ол иһигэр бэйэтэ, үтүө баҕаларынан, сатыылларынан, кыайалларынан көмө оҥоро туралларын туһунан «Саха сирэ» саайтка анаан кэпсээтэ.
— Биһиги ийэлэр буойун уолаттарбытыгар анаан маскировочнай сиэккэни оҥорон, олохтоох дьаһалтаҕа илдьэн туттарбыппыт. Маны таһынан биирдиилээн дьоммут ким тугу сатыырынан көмө оҥорорго кыһаллар. Ол курдук, мин эмиэ көмө оҥорор баҕа санаалаах сылдьаммын урут ийэм Ефимова Дария Степановна Аҕа дойду сэриитин кэмигэр куобах тириитинэн сылаас таҥас тигэн, фроҥҥа ыытар этибит диэн кэпсиирин санаан кэлбитим. Ийэбинэн киэн туттар санаам өйбөр куруук баар.
Бу байыаннай дьайыы саҕаламмытыгар буойуттарбытыгар тугунан эрэ көмөлөспүт киһи диэн санаа күүскэ үөскээбитэ. Нэһилиэгим ийэлэригэр ыҥырыы ыытан, Саҥа Дьыл иннинэ флис матырыйаалтан 10 комплект таҥас тигэн улууспут киинигэр ыытан туттарбыппыт. Онтон «Саха» НКИК Саввина Ирина Семеновна «Илии сылааһа» диэн иистэнэр сыах арыйбытын истибитим. Дьокуускайга бардахпына, хайаан да сылдьан көмөлөһөр санаа күүскэ киирбитэ. Ол курдук, Дьокуускайга тиийэн Джерзинского 76, блок С аадырыска иис үлэтигэр көмөлөһө тиийбитим. Онно иистэнэ олорон илэ харахпынан көрбүтүм, билбитим — төһөлөөх элбэх оҕо, эдэр дьон бу сыахтан кэтэһэн, манаһан туран таҥнан баралларын, хайдах курдук иистэнэр илии тиийбэтин!
Дойдубар кэлэн баран, саатар, футболка тигэн ыытан көмөлөһүөххэ диэммин, матырыйаалын сакаастаан ылларан, аҕалтаран, билиҥҥитэ аҕыйах устууканы тигэн ыыттым. Өссө да кыахпынан тигэн, ыытыам диэн баҕа санаалаахпын. Бука бары биир киһи курдук, кыайыы, эйэлээх олох туһугар кыах баарын тухары көмөлөһүөҕүҥ, өйүөҕүҥ!
Хаартыскалар Наталья Бурнашева архыыбыттан
2025 сылга болдьоҕо бүтэр суоппар дастабырыанньата үс сылга диэри уһатыллан биэрэр. Бу туһунан Госавтоинспекция пресс-сулууспата…
Хатас олохтооҕо Полина Ефремова быйылгы харыйатын бэйэтэ оҥорбут куукулаларынан симээбит. “Тэлэбииһэринэн “Саха сатаабата суох” биэриигэ,…
Саха сиригэр кэнники сэттэ сылга араас бырагыраама чэрчитинэн 171 саҥа үөрэх эбийиэгэ тутулунна. Бу туһунан…
Прикладнай физика үнүстүүтүн дааннайынан Сиргэ магнитнай буурҕа кыамтатын таһыма «олус күүстээх» категорияҕа диэри таҕыста диэн…
Саха сиригэр быйыл кырдьаҕастарга аналлаах саҥа интэринээт-дьиэ тутуллан үлэҕэ киириэҕэ. Эбийиэк Мэҥэ Хаҥалас Матта сэлиэнньэтигэр…
Былырыын Саха сиригэр «Земскэй быраас» уонна «Земскэй биэлсэр» бырагыраамаларынан 16 исписэлиис үлэҕэ ыытыллыбыт: 90 быраас…