Икки тыа сиригэр уунан хааччыйыы саҥа эбийиэктэрэ тутулуннулар
Эбийиэктэри үлэҕэ киллэрии хаачыстыбалаах иһэр уунан 16 тыһыынча кэриҥэ киһини хааччыйар.
Аммаҕа уонна Сунтаарга дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Ыраас уу» национальнай бырайыак чэрчитинэн ыраас уунан хааччыйар саҥа комплекстары үлэҕэ киллэрдилэр.
Комплекстар Саха сиригэр араас куораттарынан уонна оройуоннарынан тутуллубут 12 бөдөҥ социальнай уонна инфраструктурнай эбийиэктэр ахсааныгар киирэр. Бу эбийиэктэри СӨ Ил Дархана Айсен Николаев бүгүн, кулун тутар 12 күнүгэр, видеокэмпириэнсийэ кэмигэр үөрүүлээх аһыллыытын сиэрин-туомун ыытта.
Амма өрүс кытылыгар турар уунан хааччыйар саҥа комплекс сууккаҕа 1500 куб. диэри ууну ыраастыыр, ону тэҥэ 7 км уһуннаах магистральнай турбаларынан ыраас ууну нэһилиэнньэҕэ тиэрдэр. ОДьКХ тутан киллэрбит саҥа эбийиэгэ ууну ыраастыыр емкостардаах, хочуолунайдаах уонна электроыстаансыйалаах.
Сунтаарга Бүлүү өрүс кытылыгар турар ыстаансыйаны «Водоканал» тэрилтэ тутан үлэҕэ киллэрдэ. Бу ыстаансыйа 100 куб. м ууну ыраастыыр кыамталаах.
«Ыраас уу» национальнай бырагыраама чэрчитинэн Саха сиригэр уунан хааччыйыы 6 эбийиэгэ тутуллуоҕа — Өлүөхүмэ куоракка, Горнай улууһун Бэрдьигэстээҕэр, Амма улууһун Алтан сэлиэнньэтигэр, Аллараа Бэстээххэ, Баатаҕай бөһүөлэгэр уонна Ньурба куоратыгар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: