https://t.me/aisen_nikolaev
Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев Байыаннай-Муоратааҕы флот кылаабынай хамаандалааччытын Арассыыйа адмиралын Николай Евменовы кытта көрүстэ.
Ол туһунан кини бэйэтин ТГ ханаалыгар суруйда. Онно суруйбутунан кинилэр Тиксии бөһүөлэгин уонна Саха сирин Арктика кытылынааҕы сирдэрин сайдыыларын былаанын дьүүллэспиттэр.
-РФ Арктикатааҕы сирин-уотун сайдыытын стратегията уонна 2035 сылга диэри национальнай куттал суох буолуутун хааччыйыыны Арассыыйа Бэрэсидьиэнин Ыйааҕа бигэргэппитэ. Онно олоҕуран, Тиксии бөһүөлэгин кэлимсэ сайыннарыахтаахпыт. Туох-ханнык иннинэ энергетиканы уонна ОДьКХ-ны сайыннарыы ирдэнэр. Хотугу муора суолунан тырааныспар саҥа инфраструктурата тэриллиэхтээх уонна биллэн турар, дойду оборонатын хааччыйыыны кытта ситимнээх боппуруостар. Биһиги ВМФ кылаабынай хамаандабанньатын уонна өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатын үөһээ ыйыллыбыт боппуруостарынан бииргэ үлэлээһиннэрин салгыахпыт диэн дуогабардастыбыт , — диэн ТГ суруйда Айсен Николаев.
Сиһилии https://sakha.gov.ru/news/front/view/id/3386524
Бүгүн, алтынньы 26 күнүгэр, Дьокуускай куорат Комсомольскай болуоссатыгар «Саха сирин балыга» диэн ааттаах үгэс буолбут…
Киэһэ хойут айаннаан иһэн көрдөхпүнэ, уулусса устун эрдэҕэс саастаах оҕолор хаамса сылдьар буолаллар. Бу оҕолор…
Саха сирин үрдүнэн муҥха кэмэ күргүөмнээхтик салҕанар.Онуоха санатар буоллахха, 2017 сыллаахха киирбит муус аннынан балыктааһын…
Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтин эргин Саха сирин тирэх пууна баарын истэ-билэ сылдьар буолуохтааххыт. Өрөспүүбүлүкэбититтэн хомуллан тиийбит…
Өлүөнэ өрүс хаҥас кытылыгар, Табаҕа сиригэр-уотугар үөрүүлээх быһыыга-майгыга Өлүөнэ күргэтин бастакы тирэҕэр өйдөбүнньүк бэлиэни туруорар тэрээһин буолан ааста. Этэргэ дылы, бэҕэһээҥҥэ диэри саарбахтыыр санаалаах киһи, бүгүн миэстэтигэр тиийэн туох үлэ-хамнас ыытылларын…
Бэҕэһээ, алтынньы 25 күнүгэр, байыаннай дьайыы ыытыллар сириттэн былдьаммыт байыаннай тиэхиньикэ Аллараа Бэстээххэ кэлбитэ. Бүгүн…