Ил Дархан Айсен Николаев Учуутал күнүнэн эҕэрдэтэ
Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын аатыттан уонна бэйэм ааппыттан эһигини учуутал күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!
Биһиги учууталларбыт, төрөөбүт оскуолабыт туһунан өйдөбүлү махтана кичэллээхтик өйбүтүгэр-санаабытыгар илдьэ сылдьабыт. Тоҕо диэтэххэ, хас биирдии киһи инникитэ үчүгэй учууталлартан, муударай уһуйааччылартан тутулуктаах. Кинилэр биһиэхэ билиини-көрүүнү биэрэллэрин таһынан, үтүөҕэ-кэрэҕэ угуйаллар, Ийэ дойдуга таптал иэйиилэрин иҥэрэллэр. Таптыыр учууталларбыт муударай сүбэлэрэ, ыйыылара-кэрдиилэрэ олохпут устата туһалыыллар.
Бүгүн Саха сирин үөрэхтээһинин систиэмэтигэр 30 тыһыынчаттан тахса учуутал үлэлиир. Биһиги судаарыстыба уонна уопсастыба харыстабыллаахтык сыһыаннаһарыгар элбэҕи оҥоробут.
36 бастыҥ педагог-уһуйааччыга өрөспүүбүлүкэ баһылыгын бириэмийэлэрэ хас биирдии муниципальнай оройуонтан уонна куораттан туттарыллар. Олимпиадаларга, куонкурустарга, чинчийэр үлэлэргэ үрдүк көрдөрүүнү ситиспит үөрэнээччилээх 100 бастыҥ учууталга 100 тыһыынча бриэмийэ туттарыллар.
Арктикаҕа уонна хотугу улуустарга 5 сыл үлэлээбит учууталларга олорор усулуобуйаларын тупсарыыга социальнай төлөбүр көрүллэр, ол курдук 4 сыл устата ону 103 киһи ылла. Балаҕан ыйын 1 күнүттэн 3 сылга диэри ыстаастаах эдэр учууталлар хамнастарын акылаатыгар 75% эбии ылар буоллулар. Улуустарга тиийэн үлэлииргэ дуогабардаспыт 35-гэр диэри саастаах учууталлар үс акылаат тус көмөнү ылаллар, бу көмөнү 14 учуутал ылла.
Уһук Илин сайдыытын бырагырааматын көмөтүнэн национальнай бырайыактарынан Саха сирэ үөрэхтээһин инфраструктуратын тупсарыыга сүҥкэн хардыыны оҥордо, өрөспүүбүлүкэҕэ маннык элбэх тутуу хаһан да бара илигэ.
2018 сылтан саҕалаан рекорднай ахсааннаах эбийиэктэри – 7 тыһыынча миэстэлээх 55 саҥа оҕо уһуйаанын уонна 12 тыһыынча миэстэлээх 57 оскуоланы туттубут. Үөрэхтээһин 95 эбийиэгэр хапытаалынай өрөмүөн оҥоһулунна. Бүгүн, Учуутал күнүгэр, Горнай улууһун Бэс-Күөлүн нэһилиэгэр саҥа оскуоланы астыбыт. 2024 сыл бүтүөр диэри өссө 13 оскуола уонна 4 оҕо уһуйаана үлэҕэ киириэхтээх. Тыа сирин уонна кыра куораттар оскуолаларыгар «Точка роста» цифровой, гуманитарнай, технологическай хайысхалаах 451 киин үлэлиир.
Үөрэх үлэһиттэрин үгэскэ кубулуйбут атырдьах ыйынааҕы мунньаҕар биһиги үөрэх хаачыстыбатын үрдэтиигэ туох ордук наадалааҕын дьүүллэспиппит. Сүрүн хайысха – үөрэххэ каадырдары бэлэмнээһин. Саҥа үөрэх дьылын көрсө 2026 сылга диэри өрөспүүбүлүкэҕэ оскуолалары каадырынан хааччыйар комплекснай бырагыраама бигэргэтиллибитэ. Ол түмүгэр педагог идэтин баһылыан баҕалаах киһи элбиэхтээх уонна оскуолаҕа каадыр баар буолуохтаах.
Бу барыта аныгы үөрэх эйгэтин тэрийиигэ, кэнчээри ыччаты үөрэтиигэ, кинилэр дьоҕурдарын уонна талааннар сайыннарарга туһуланар.
Күндү учууталлар! Бу бырааһынньык күн эһиэхэ таптыыр идэҕитигэр бэриниилээхтик үлэлииргит, оҕолорбутугар кыһамньылаахтык сыһыаннаһаргыт, тапталгыт уонна өйдөбүлгүт иһин истиҥ махталбын тиэрдэбин. Баҕарабын эйэлээх олоҕу, чэгиэн доруобуйаны уонна өй-санаа күүһүн, үлэҕитигэр үтүө түмүктэри!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: