Ил Дархан Айсен Николаев олунньу 11 күнүгэр Москваҕа оробуочай командировкатын кэмигэр РФ Оборонаҕа министиэристибэтин А.А. Вишневскай аатынан киин байыаннай килиниичэскэй балыыһаҕа сырытта.
Айсен Николаев бааһырбыт байыастары, ол иһигэр СӨ ыччат уонна социальнай коммуникациялар миниистирэ Петр Шамаевы кытта көрүстэ. Байыас байыаннай дьайыыга бойобуой сорук оҥоро сылдьан, ыарахан бааһырыыны ылбыта.
Ил Дарханы кытта кэпсэтиигэ Петр Шамаев туохтан да кэмсиммэтин туһунан эттэ.
«Бу көрсүһүүттэн олус үөрдүм. Ил Дархан уонна Саха сирин олохтоохторун өйөбүлэ чөлүгэр түһэрбэр күүс-көмө буолаллар. Быраастарга махтанабын. Саха сиригэр өйөбүлүн уонна Аҕа дойдуну көмүскээччи күнүнэн бэлэхтэрин иһин махтанабын. Билигин барыта бэйэбиттэн тутулуктаах», — диэн санаатын үллэһиннэ Петр Шамаев.
Байыаннай госпиталга Айсен Николаев байыастартан эмтэнии хайдах барарын, ханнык боппуруостар долгуталларын ыйыталаста.
Айсен Николаев байыастар этиилэрин ураты хонтуруолга ыларын этэн туран, Аҕа дойду көмүскээччи күнүнэн бэлэхтэри туттартаата.
«Хас биирдии байыаһы кытта кэпсэтиини ытык иэһим быһыытынан ылынабын. Кинилэр эр санааларынан, хорсун быһыыларынан киэн туттабын», — диэтэ Ил Дархан.
Дьокуускай куорат В. И. Малышкин аатынан 23‑с нүөмэрдээх оскуолатын саха тылын, литэрэтиирэтин учуутала, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах…
sakha-sire.ru саайт «Кэпсээннэ истиэҕиҥ» диэн бырайыагар «Саха сирэ» хаһыат суруналыыһа Ульяна Захарова "Кэрэмэс" кэпсээнин истиҥ. …
Ньурба улууһуттан төрүттээх суруналыыс, ырыаһыт, СӨ Суруналыыстарын сойууһун «Кыһыл көмүс микрофон» бириэмийэтин хаһаайына, СӨ тэлэбиидэнньэтин…
Бааска куораттаан иһэр. Ол аайы мээнэ киирэр-тахсар дьону ылбата, онно-манна тастаран киһи бириэмэтин сииллэр. Кинилэр…
2025 сыл бастыҥ спортсменынан тустуук Лев Павловы саарбахтаабакка ааттыыбыт. Ахсынньыга ыытыллыбыт Чөмпүйүөннэр баалларыгар “Сыл бастыҥ…
Куйаар ситиминэн «Санаа быраас» диэн илии баттааһыннаах тэттик суруйуулар кэлэр буолбуттара балай да кэм буолла.…