Ил Дархан Билии күнүнэн эҕэрдэлээтэ

Share

Ил Дархан Айсен Николаев Саха сирин олохтоохторун Билии күнүнэн эҕэрдэлээтэ.

-Бу күнтэн саҥа үөрэх дьыла саҕаланар, саҥа арыйыылар, саҥа билиилэр, саҥа кыахтар аһыллар.  Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, өрөспүүбүлүкэҕэ Оҕо саас сылларыгар 15 тыһыынчаттан тахса оҕо бастакы кылааска киириэҕэ. Бэлэх быһыытынан бастакы кылааска киирэр оҕолорго икки судаарыстыбаннай тыллаах күннүк (дневник) бэлэмнээтибит.

Улахан кылаас оҕолоругар саҥа үөрэх дьыла — саҥа соруктары, сыаллары туруорар кэм. Быйыл  9 тыһыынча кэриҥэ  11 кылаас үөрэнээччилэригэр эксээмэҥҥэ бэлэмнэнэр тыҥааһыннаах  кэмнэрэ саҕаланар. Ааспыт үөрэх дьылыгар БКЭ-ни 7 000 выпускник туттарбыта. Мантан 23 оҕо үрдүк баалга — 100 баалга туттарбыттара, — диэн Ил Дархан эҕэрдэтигэр бэлиэтээн эттэ.

Маны таһынан өрөспүүбүлүкэҕэ үөрэх салаатыгар хаачыстыбалаах инфраструктура тэриллэрин этэн туран, балаҕан ыйын  1 күнүгэр Дьокуускайдааҕы кадетскай интэринээт-оскуола, Кэбээйи Сайылыгар  275 миэстэлээх оскуола аһылларын эттэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

6 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

9 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

10 часов ago