Ил Дархан Федерация Сэбиэтин дэлэгээссийэтин кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 30 күнүгэр СӨ Ил Дархана Айсен Николаев РФ Федерация Сэбиэтин федеративнай тэриллиигэ, эрэгийиэннээҕи бэлиитикэҕэ, олохтоох салайыныыга уонна Хотугу сир дьыалаларыгар кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей Шевченконы, аграрнай бэлиитикэ уонна айылҕаны туһаныы кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Двойныҕы уонна эрэгийиэннээҕи парламент спикерэ Алексей Еремеевы кытта көрүстэ.
Өрүттэр Федерация Сэбиэтин «О государственной поддержке социально-экономического развития Республики Саха (Якутия)» уурааҕын олоххо киллэрии хаамыытын дьүүллэстилэр.
«Биһиэхэ улахан суолталаах уураах. Маннык дьоһуннаах докумуон өрөспүүбүлүкэбит аэропортарын саҥардан оҥорууттан саҕалаан, саҥа оскуолалары тутууга тиийэ кэккэ боппуруостары быһаарарга олук буолар. СӨ Бырабыыталыстыбата уонна парламена бу боппуруостары быстыбат хонтуруолга туталлар», — диэтэ Айсен Николаев.
Андрей Шевченко Дьокуускайга үлэ күөстүү оргуйарын, Жатайдааҕы суудуна собуотун, кардиокиин эбийиэктэрин уонна аэропорт көтөр-түһэр балаһатын көрөн сөхпүттэрин бэлиэтээтэ.
“Федеральнай бюджеттан арыый элбэх үп-харчы наадатын өйдүүбүт. Билигин уурааҕы олоххо киллэрии боппуруостара федеральнай ведомстволар бэрэстэбиитэллэрин кытта сүбэ мунньахха дьүүллэһиэхпит. Биһиги ити боппуруостары хайаан да өйүөхпүт», — диэн бэлиэтээтэ.
Александр Двойных тыа хаһаайыстыбатын территорияларын сайыннарыыга туспа сокуон оҥоһулла сылдьарын биллэрдэ. Бу боппуруоһу Федерация Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Валентина Матвиенко өйөөбүт. Манна биир пилотнай эрэгийиэнинэн Саха сирэ көрүллүөҕэ.
Ону сэргэ көрсүһүүгэ дойду ойуур хаһаайыстыбатын сайыннарыы боппуруоһа көтөҕүлүннэ. Александр Игнатьевич бэлиэтээбитинэн, Саха сирэ бу хайысхаҕа үлэтигэр өйөбүл баар буолуо.
Сиһилии манна ааҕыахха сөп: https://www.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3368858
СӨ Ил Дарханын уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Бэчээккэ бэлэмнээтэ Эльдар Садовников
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: