Ил Дархан Гаврил Курилов-Улуро Адо аймахтарыгар кутурҕанын биллэрдэ
Дьүкээгир суруйааччыта, филологическай билим дуоктара, Саха сирин бочуоттаах гражданина Гаврил Курилов- Улуро Адо 86 сааһыгар олохтон барбыта.
Ил Дархан Айсен Николаев чугас дьонугар уонна аймахтарыгар кутурҕанын биллэрдэ. «Гаврил Николаевиһы тус бэйэм сирэй көрсөн билсибит дьоллоохпун. Кини бырааттарын кытта олоҕун бүтүннүүтүн бэйэтин норуотугар анаабыта. Куриловтар бырааттыылар көмөлөрүнэн Саха сирин дьүкээгир норуота бэйэтин тылын, суругун уонна литэрэтиирэтин харыстаата», — диэн ТГ-ханаалга Айсен Николаев суруйар. Ил Дархан Айсен Николаев Улуро Адо бэйэтин норуотун мэлдьи истиҥник таптыырын, сырдык кэскилллээҕин итэҕэйэрин бэлиэтээтэ. Төһө да көрбөт буолбутун иһин, учуонай-лингвист бэйэтин дьыалатыгар тиһэҕэр диэри бэриниилээхтик сыһыаннаспыта.
«Гаврил Николаевич бэйэтин аатын устуоруйаҕа талааннаах бэйиэт, ураты суруйааччы, талааннаах учуонай, фольклорист быһыытынан суруйан хаалларда. Олох тургутууларын аспытын үрдүнэн, кини хаһан да бэйэтин күүһүн, олоххо тардыһыытын сүтэрбэтэҕэ. Дьүкээгир норуотун Улуу уола Гаврил Николаевич Куриловы билэр дьонугар, аймахтарыгар уонна чугас дьонугар кутурҕаммын тиэрдэбин. Кини туһунан сырдык өйдөбүл биһиги сүрэхпитигэр өрүү хаалыаҕа», — диэн эбэн суруйар Айсен Николаев.
Гаврил Курилов-Улуро Адо 1938 сыллаахха муус устар 30 күнүгэр Саха АССР Аллараа Халыма Өлүөхүмэ Олеринскай туундаратыгар төрөөбүтэ. Кини олоҕун дьүкээгир тылларын үөрэтиигэ уонна академическай тиһигэр киллэриигэ анаабыта, тылдьыты, азбуканы уонна учуобунньуктары суруйбута.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: