Ил Дархан национальнай бырайыактары олоххо киллэрии хаамыытын ырытта
Бүгүн, кулун тутар 21 күнүгэр, Ил Дархан Айсен Николаев 2023 сылга национальнай бырайыактары олоххо киллэрии түмүктэрин уонна 2024 сыллааҕы былааннар тустарынан сүбэ мунньаҕы ыытта.
Тэрээһиҥҥэ өрөспүүбүлүкэ үрдүкү салалтатыттан, биэдэмистибэлэртэн уонна борокуратуураттан кыттыыны ыллылар.
—Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ көҕүлээбит национальнай бырайыактара, дойду сайдыытыгар, иннин диэки дьулуһуутугар сүрүнүнэн буолаллар. Национальнай бырайыактар төһөнөн хаачыстыбалаахтык толоруллан олоххо киирэллэриттэн, Саха сиригэр олох-дьаһах этэҥҥэ буолуута быһаччы тутулуктаах. Национальнай бырайыактары олоххо киллэрэргэ өрөспүүбүлүкэни РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин өйүүр. Ол курдук, Саха сиригэр 12 бырайыак олоххо киириитигэр 2023 сылга 69,74 млрд солк. көрүллүбүтэ. Бу дойдуга национальнай бырайыактары үбүлээһин кээмэйинэн Подмосковье уонна Москва кэннилэриттэн үһүс сылдьар, — диэн бэлиэтиир Айсен Николаев.
Кини өрөспүүбүлүкэҕэ былырыыҥҥы сыл түмүгүнэн национальнай бырайыактарга бары көрдөрүүлэр таһымнара 99,2 % тэҥнэспитин, «Демография», «Үөрэх», «Туризм», «Цифровой экэниэмикэ», «Экология», «Экспорт», «Куттала суох хаачыстыбалаах айан суоллара» национальнай бырайыактар толоруллубуттарын бэлиэтээтэ.
2023 сылга уонна бу сыл саҕаланыытыгар Саха сиригэр национальнай бырайыактары олоххо киллэрии иитинэн, 22 тутуу эбийиэгэ киллэриллибитэ. Ол иһигэр, сылга 50 тыһ. киһиэхэ тиийэ көрөр кыамталаах Уһук Илиҥҥэ аныгы тутуулаах онкологическай диспансер. Манна үрдүк ирдэбилгэ эппиэттиир тэрил туруоруллубут. Маны таһынан биэлсэр-акушер пууннара, амбулаториялар бэлиэтэнэллэр.
2024 сылга, үрдүкү салалта РФ Бэрэсидьиэнэ В.Путин ыйбыт сайдыы хайысхаларынан үлэни салгыа. Саха сиригэр национальнай бырайыактары олоххо киллэрэргэ, хапытаалынай тутуулаах 20 тахса эбийиэги, үс муостаны, икки суолу, ону сэргэ 10 биэлсэр-акушер пуунун уонна амбулаториялары үлэҕэ киллэрэри былаанныыллар.
Быйыл кулун тутартан өрөспүүбүлүкэҕэ «Беспилотные авиационные системы» национальнай бырайыакка киирэр «Стимулирование спроса на отечественные беспилотные авиационные системы» эрэгийиэн бырайыага саҕаламмыт.
Сүбэ мунньах түмүгэр Ил Дархан тустаах биэдэмистибэлэргэ эбийиэктэр бырайыактыыр-сметнай докумуоннарын бэлэмнииллэригэр соруйда.
Сиһилии https://www.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3392261 манна көрүҥ.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Хаартыскаҕа Андрей Сорокин түһэриитэ, СИА
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: