Ил Дархан Нерюнгри баһылыгын кытары көрүстэ

Share

Айсен Николаев бүгүн Нерюнгри оройуонун баһылыга  Роман Щегельнягы  кытары көрүстэ. Көрсүһүү кэмигэр оройуоҥҥа  байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэригэр көмөнү оҥоруу үрдүк таһымнааҕа бэлиэтэннэ.

«Билиҥҥи кэмҥэ ким да туора туруо суохтаах, бары өрөспүүбүлүкэ, федеральнай таһымҥа олохтоммут көмө миэрэлэрэ кэмигэр оҥоһуллуохтаахтар. Муниципальнай таһымҥа анал байыаннай дьайыыларга сылдьар биир дойдулаахтарбыт дьиэ кэргэттэригэр туһааннаах  өйөбүл оҥоһуллуохтаах. Итиниэхэ эһиги улуускутугар оҥоһуллар үлэлэргит иһин махтанабын», – диэн Айсен Николаев эттэ.
Маны таһынан Нерюнгри оройуонун социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын туһунан ыйаах туолуутун хаамыытын дьүүллэстилэр.
Санатар буоллахха, 2026 с. диэри тутуллуохтаах инфраструктура эбийиэктэрэ докумуонунан чопчуланан тураллар. Ол иһигэр, Нерюнгри куоракка доруобуйа харыстабылын 12 эбийиэгэ саҥардыллара уонна хапытаалынай өрөмүөн ыытыллара, 500 миэстэлээх орто анал үөрэх устудьуоннарын кампуһун бырайыактааһын, 109 миэстэлээх Соҕуруу Саха сиринээҕи технологическай кэллиэс уопсай дьиэтин үһүс блогун саҥардыы, «Арктика» оскуолатын саҥа үөрэнэр куорпуһун итиэннэ Чульмаҥҥа саҥа оскуоланы, мини-стадиону, Иенгра сэлиэнньэтигэр баһаарынай депону тутуу киирэллэр.
Ону сэргэ «Р» квартал 1 түһүмэҕин комплекса тутуллуо, хаарбах дьиэлэртэн гражданнары көһөрүү бырагыраамаларын иккис түһүмэҕэ түмүктэниэ, 39 км итэҕэһэ суох суол ситимэ өрөмүөннэниэ, Нерюнгри куорат уонна да атын нэһилиэнньэлээх пууннар дизайннара оҥоһуллуо.
«Үбүлээһини уонна өрөспүүбүлүкэ министиэристибэлэрэ уонна биэдэмистибэлэрэ кытталларын эрэйэр бары пууннары көрдүбүт. Биһиги иннибитигэр турбут соруктары толорорго ылыстыбыт», – диэн эттэ көрсүһүү түмүгэр Роман Щегельняк.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Үөһээ Халымаҕа бокуонньук суоппар гарааһын халаабыттар

Үөһээ Халыма улууһугар полиция үлэһиттэрэ бокуонньук суоппар гарааһын халааһыҥҥа уорбаланар киһини быһаардылар. Бу туһунан «МВД…

34 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн сорох улуустарга -52 кыраадыс буолара күүтүллэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар -52 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сыымахха Васильевтар үлэлэригэр атынан сылдьаллар

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан,  киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…

11 часов ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев Марат Хуснуллины кытта көрүстэ

Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…

11 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэрии кэмигэр тутуллубут өстүөкүлэ собуота

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…

12 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

12 часов ago