Салгыы
Ил Дархан олимпиада кыайыылаахтарын кытта көрүстэ

Ил Дархан олимпиада кыайыылаахтарын кытта көрүстэ

08.02.2024, 20:38
Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Бөлөххө киир:

Олунньу 8 күнүгэр, Арассыыйа билимин күнүгэр, Ил Дархан Айсен Николаев  норуоттар икки ардыларынааҕы уонна Арассыыйатааҕы олимпиадалар кыайыылаахтарын кытта көрүстэ. 

Айсен Николаев оҕолору, учууталлары, төрөппүттэри үрдүк ситиһиилэринэн эҕэрдэлээтэ уонна өрөспүүбүлүкэ чиэһин дьоһуннук көмүскээбиттэринэн  киэн туттарын биллэрдэ.

— Эһиги оҕо эрдэххититтэн кыайыыга дьулуурдааххытын көрдөрдүгүт. Маладьыастар! Өрөспүүбүлүкэ бүтүннүүтэ эһигинэн киэн туттар. Эһиги бэлэмнэнэргитигэр төрөппүттэргит, учууталларгыт улахан көмөнү оҥороллор. Оҕоҕо дьоҕур баарын таба көрөн, ситиһиигэ сирдиир, үлэлииргэ үөрэтэр диэн эмиэ талаан эбээт. Онон учууталларгытыгар улахан махталбын тиэрдэбин, — диэн кини эттэ.

Ил Дархан физикаҕа бастакы учуутала Виктор Потаповы, кинини олимпиадаҕа бэлэмниирин ахтан ааста. Саха сиригэр үүнэр көлүөнэ өй-санаа, духуобунас, култуура өттүнэн сайдыытыгар улахан болҕомто уурулларын бэлиэтээтэ. Сыллата олимпиадалар кыайыылаахтара Ил Дархан, Наука аччыгый академиятын граннарын ылалларын туһунан эттэ. Бу үлэ хайаан да салҕанар.

Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһлататын пресс-сулууспата.

— Сыл аайы 6 кылаастан олимпиадаларга кыттабын уонна түмүктэрим тупсан испиттэрэ. Дьулуурдаах, үлэһит буоллахха уонна, биллэн турар, учууталларым миэхэ эрэнэр буоланнар, ситиһии кэлэр, — диэн Арктикатааҕы оскуола 11-с кылааһын үөрэнээччитэ, химияҕа норуоттар икки ардыларынааҕы олимпиада икки төгүллээх призера Вольдемар Другин кэпсээтэ.

Бу курдук атах тэпсэн олорон, истиҥник кэпсэттилэр.

Ил Дархан үөрэх диэн киһи сайдарыгар бөҕө акылаат буоларын санатта уонна оҕолорго ситиһиилэри, саамай улахан баҕа санаалара туоларыгар баҕарда. 

Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.

+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -41°C
  • Ощущается: -41°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: