Ил Дархан СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин дуоһунаһыгар Кирилл Бычков кандидатуратын туруорда
Саха сирин Ил Дарханын А.С.Николаев Ыйааҕынан Кирилл Евгеньевич Бычков СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин эбээһинэһин толорооччунан ананна.
Ыспыраапка:
Бычков Кирилл Евгеньевич 1996 сыллаахха РФ Тас дойдулар дьыалаларыгар министиэристибэтин Москватааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы сыһыаннаһыыга судаарыстыбаннай университетын (МГИМО) бүтэрбитэ (норуоттар икки ардыларынааҕы экэниэмикэҕэ сыһыаннаһыы факультета, норуоттар икки ардыларынааҕы валюта-кирэдьиит сыһыаннаһыытын салаата).
Үлэтэ-хамнаһа:
1996-2005 сс. “Сиданко” НК” ААУо, Cargill International.
2005-2008 сс. “Гео-Альянс” концерн бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ.
2009-2011 сс. Тверь уобалаһын губернаторын сүбэһитэ, Тверь уобалаһын губернаторын солбуйааччы.
2012 с. “Стройтрансгаз” ААУо толорор дириэктэрин солбуйааччы.
2013-2015 сс. инвестиция кэккэ пуондаларын управляющай партнера.
2016-2017 сс. Москва уобалаһын Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы сүбэһитэ.
2017-2018 сс. “Москва уобалаһын сайдыытын корпорацията” АУо генеральнай дириэктэрэ.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын 2018 сыл алтынньы 18 күнүнээҕи 108 №-дээх Ыйааҕынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан анаммыта.
10.11.2020 – 28.09.2023 – Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Хаартыска: сахаговтан
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: