Салгыы
Ил Дархан суруналыыстарга тугу кэпсээтэ?

Ил Дархан суруналыыстарга тугу кэпсээтэ?

28.12.2024, 10:00
ХААРТЫСКА СИА СААЙТЫТТАН ТУҺАНЫЛЫННА.
Бөлөххө киир:

Бу нэдиэлэ саҕаланыыта Ил Дархан Айсен Николаев үгэскэ кубулуйбут улахан пресс-кэмпириэнсийэтигэр суруналыыстары кытары атах тэпсэн олорон кэпсэттэ. Быйыл Ил Дархан пресс-кэмпириэнсийэтин П.Н. уонна Н.Е. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатын саҥа куорпуһун бибилэтиэкэтин саалатыгар оҥордо.

Икки чаастан ордук барбыт пресс-кэмпириэнсийэҕэ Айсен Николаев байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар өйөбүл дьаһалларын, оскуолалары уонна уһуйааннары, аэропорт баксаалларын, сөмөлүөт түһэр-тахсар былаһааккаларын тутуу, ыччаты патриоттуу иитии, табыгастаах куорат эйгэтин уонна сири-уоту тупсарыы, гаас уматыгын, саха тылын сайыннарыы, мэдис­сиинэ эйгэтигэр каадыр тиийбэтин кыһалҕатын, бырамыысыланнас сайдыытын, оннооҕор сымыыт туһунан ыйытыыларыгар хоруйдаата. Мантан салгыы хайысхаларынан хоруйдары сырдатыам.

2024 сылга – Арассыыйа Баһылыгын быыбара

Пресс-кэмпириэнсийэ үгүс элбэх ыйытыыттан биир интэриэһинэйинэн, кэлэр сыл тэрээһиннэриттэн тугу сүрүн дии саныыгын диэн ыйытыы буолла. Биллэн турар, Ил Дархан Айсен Николаев биир сүрүн түгэнинэн – 2024 сылга Арассыыйа Бэрэсидьиэнин быыбарын ааттаата.

«2024 сылга биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр даҕаны, дойдуга даҕаны саамай сүрүн тэрээһининэн Арассыыйа Бэрэсидьиэнин быыбара буолар», – диэн Ил Дархан бигэтик эттэ.

Айсен Николаев Саха сирин олохтоохторо кэлэр сыллааҕы дойду баһылыгын быыбарыгар көхтөөхтүк кыттыахтара диэн эрэнэрин биллэрдэ.

Саха сирэ кыайыыны уһансар

Биллэн турар, элбэх ыйытыы байыаннай дьайыы, онно өйөбүл дьаһалларын уонна дойду састаабыгар киирбит саҥа эрэгийиэннэргэ көмө туһунан буолла.

Айсен Николаев байыаннай дьайыыга кытта сылдьар ба­­йыастарбыт уонна Саха сирин олохтоохторо бары кыахтарынан Кыайыыны уһансаллар диэн этиитин саҕалаата.

«Биһиги дойдубут билиҥҥи сүрүн соруга – Кыайыы. Саха сирэ бүгүҥҥү күҥҥэ биһиги Сэбилэниилээх Күүстэрбитигэр, уолаттарбытыгар тиһиктээхтик көмөлөһөр биир инникигэ сылдьар эрэгийиэн буолар. Мобилизация саҕаланыаҕыттан байыаннай сулууспа­лаахтарбытыгар тута көмө оҥорор ураты тиһиги тэрийбиппит. Атын эрэгийиэннэргэ биһиэнин курдук тирэх пууннар суохтар. Инники кирбиигэ дойдуларын көмүскүү сылдьар байыастарбытыгар көмөлөһөр бу тирэх пууннарбытыгар Саха сириттэн элбэх биир дойду­лаахтарбыт үлэлии сылдьаллар», – диэтэ Айсен Николаев.

Москваҕа баар Баста­йааннай бэрэстэбиитэ­листибэ иһинэн тэриллибит Биир кэлим сүрүннүүр киин ба­­йыаннай дьайыыга кыттыы­лаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр ситимнээх үлэни ыытар. Итини этэн туран, Айсен Николаев Саха сирин тыһыынчанан олохтоохторугар, волонтердарга, урбаан­ньыттарга, ис сүрэхтэриттэн байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөлөрүн иһин махталын тириэрдэр.

Ил Дархан Аҕа дойдуларын көмүскүү уонна Арассыыйа инникитин туруулаһа сылдьар хорсун-хоодуот уолаттарбыт эр санааларынан, дьоруойдуу быһыыларынан киэн туттарын уонна кыайыы-хотуу көтөллөөх дойдуларыгар түргэнник төннөллөрүгэр баҕарарын эттэ.

14 Арассыыйа дьоруойуттан үһэ –биһиэнэ

Ааспыт Этиитигэр да эппитэ, бу көрсүһүүгэ да Айсен Николаев байыаннай дьайыыга хорсун быһыыны көрдөрөн, мобилизациянан байыаннай дьайыыга ыҥырыллыбыт 14 байыаннай сулууспалаахтан үһэ – саха диэн, киэн тутта бигэтик эттэ. Бу туһунан дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин  эмиэ бэлиэтээн турар. Кыргыһыы хонуутугар хорсун быһыыны көрдөрөн, олоҕун толук уурбут Дмитрий Егоров туһунан эмиэ ахтан-санаан аастыбыт.

«Биһиги уолаттарбыт хорсуннарын-хоодуоттарын, кыа­йыы иһин олохторун кэрэйбэккэ да туран дойдуларын көмүскүүллэрин уонна бо­­йобуой сорудаҕы уталыппакка толороллорун, Аҕа дойдуларыгар бэриниилээхтэрин  көрдөрөр. Маннык хорсун буойуттардаах буоламмыт, ха­­йаан даҕаны кыайыахпыт диэн эрэнэбин. Оттон манна биһиги сүрүн сорукпутунан – ба­­йыаннай сулууспалаахтарбытын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйөөһүн буолар», – диэн Ил Дархан эттэ.

Дьадайыыны утары

Айсен Николаев дьада­­йыыны утары охсуһууга хамнаһы да, босуобуйаны да үрдэтэн кыайбаппыт диэн бэлиэтээтэ. Итиэннэ иккис болдьоххо талыллаат даҕаны дьадайыы­ны утары охсуһуу туһунан ыйаахха илии баттаабытын кэпсээтэ.

Дьадайыыны утары Быра­быыталыстыба 29 дьаһал быра­йыагын ырытан оҥорбутун эттэ. Эрдэ уопсай ылан, ким дьадайыы таһымыгар, ким орто сиэринэн олорорун чопчу быһаарбакка, нэһилиэнньэ 20% дьадаҥы диэн саба быраҕан көмө оҥорор буоллахпытына, мантан инньэ кыһалҕалаах киһиэхэ чопчу көмө оҥоһул­луоҕа диэтэ Ил Дархан.

Онно хас биирдии нэһи­лиэк баһылыга эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһан, дьадаҥытык олорор дьоҥҥо чопчу көмөнү оҥорорго көмөлөһүө диэн ­этиитэ элбэҕи эрэннэрэр.

Оҕо тэрилтэтин аһылыга тупсуоҕа

Суруналыыстар Айсен Николаевтан сымыыт боппуруоһугар сигэнэн, оҕо тэрилтэлэрин аһылыктарын хаачыс­тыбата тупсуо диэн ыйыттылар. Ил Дархан Айсен Николаев өр кэмнээх оҕо аһылыгын кыһалҕата быһаарыллар кэмэ кэлбитин эттэ. Онон оҕо уһу­йааннарыгар, оскуолаларга уонна социальнай тэрилтэлэргэ аһыырга олохтоох бородууксуйаны киллэрэргэ Бырабыыталыстыбаҕа сорудахтаммыт.

«Мантан инньэ уһуйааннарга уонна оскуолаларга оҕолору олохтоох бородууксу­йанан аһатыы боппуруоһугар соруйдум. Анал этиибэр бу туһунан эмиэ этэн турабын. Быйыл оскуолаларга нэдиэлэтээҕи аһылык көрүҥэр олох­тоох ас-үөл киирэрин ситиһиэм. Федеральнай хонтуруоллуур тэрилтэлэри кытары бииргэ үлэлээн бу боппуруос быһаарыллыан сөп», – диэтэ Айсен Николаев.

Ил Дархан ол курдук судаа­рыстыбаннай сокуупканан олохтоох бородууксуйанан хааччыйыы өлүүтэ 25 %-н, оттон улуустарга – 50 % кырата суох буолуохтаах диэн тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

Арктика сайдыыта

Арктиканы уонна хотугу муора суолун таһаҕаһы тиэйиини сайыннарарга уһук хоту нэһилиэнньэлээх пууннар өрүстэрин пуордун чөлүгэр түһэриэххэ наада диэтэ суруналыыстары кытары көрсүһүүгэ Ил Дархан.

Арктиканы баһылааһын кэнники сылтан бэттэх эрэ тэтимнээхтик баран эрэр. Айсен Николаев Хотугу муора суолун баһылааһын, Арктикаҕа логистика-эргиэн кииннэрин, тирэх пууннары тэрийии – бу саҕалааһын бастакы түһүмэҕэ буоларын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

Ил Дархан суруналыыстарга билигин сайдыы туһунан буолбакка, биһиэхэ билигин баар пуортары уонна кыахпытын чөлүгэр түһэрии туһунан этиэхтээхпит диэтэ. Хотугу муора суола өрөспүүбүлүкэ эрэ буолбакка, дойдуга бүттүүнүгэр улахан суол­талаах. Тоҕо диэтэххэ, сааҥсыйалар кэмнэригэр муора суолунан эрэ аан дойдутааҕы таһаҕаһы манан хото таһар кыах баар. Хотугу муора суолун толору туһанарга – судаарыстыбаннай федеральнай көмө баар эрдэҕинэ – өрөспүүбүлүкэ өрүстэринэн сырыыны эмиэ  сайыннарыахха наада диэн Ил Дархан кэскиллээх санаатын суруналыыстар биһирии ылыннылар.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
29 декабря
  • -42°C
  • Ощущается: -42°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: