Бу нэдиэлэ саҕаланыыта Ил Дархан Айсен Николаев үгэскэ кубулуйбут улахан пресс-кэмпириэнсийэтигэр суруналыыстары кытары атах тэпсэн олорон кэпсэттэ. Быйыл Ил Дархан пресс-кэмпириэнсийэтин П.Н. уонна Н.Е. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатын саҥа куорпуһун бибилэтиэкэтин саалатыгар оҥордо.
Икки чаастан ордук барбыт пресс-кэмпириэнсийэҕэ Айсен Николаев байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар өйөбүл дьаһалларын, оскуолалары уонна уһуйааннары, аэропорт баксаалларын, сөмөлүөт түһэр-тахсар былаһааккаларын тутуу, ыччаты патриоттуу иитии, табыгастаах куорат эйгэтин уонна сири-уоту тупсарыы, гаас уматыгын, саха тылын сайыннарыы, мэдиссиинэ эйгэтигэр каадыр тиийбэтин кыһалҕатын, бырамыысыланнас сайдыытын, оннооҕор сымыыт туһунан ыйытыыларыгар хоруйдаата. Мантан салгыы хайысхаларынан хоруйдары сырдатыам.
Пресс-кэмпириэнсийэ үгүс элбэх ыйытыыттан биир интэриэһинэйинэн, кэлэр сыл тэрээһиннэриттэн тугу сүрүн дии саныыгын диэн ыйытыы буолла. Биллэн турар, Ил Дархан Айсен Николаев биир сүрүн түгэнинэн – 2024 сылга Арассыыйа Бэрэсидьиэнин быыбарын ааттаата.
«2024 сылга биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр даҕаны, дойдуга даҕаны саамай сүрүн тэрээһининэн Арассыыйа Бэрэсидьиэнин быыбара буолар», – диэн Ил Дархан бигэтик эттэ.
Айсен Николаев Саха сирин олохтоохторо кэлэр сыллааҕы дойду баһылыгын быыбарыгар көхтөөхтүк кыттыахтара диэн эрэнэрин биллэрдэ.
Биллэн турар, элбэх ыйытыы байыаннай дьайыы, онно өйөбүл дьаһалларын уонна дойду састаабыгар киирбит саҥа эрэгийиэннэргэ көмө туһунан буолла.
Айсен Николаев байыаннай дьайыыга кытта сылдьар байыастарбыт уонна Саха сирин олохтоохторо бары кыахтарынан Кыайыыны уһансаллар диэн этиитин саҕалаата.
«Биһиги дойдубут билиҥҥи сүрүн соруга – Кыайыы. Саха сирэ бүгүҥҥү күҥҥэ биһиги Сэбилэниилээх Күүстэрбитигэр, уолаттарбытыгар тиһиктээхтик көмөлөһөр биир инникигэ сылдьар эрэгийиэн буолар. Мобилизация саҕаланыаҕыттан байыаннай сулууспалаахтарбытыгар тута көмө оҥорор ураты тиһиги тэрийбиппит. Атын эрэгийиэннэргэ биһиэнин курдук тирэх пууннар суохтар. Инники кирбиигэ дойдуларын көмүскүү сылдьар байыастарбытыгар көмөлөһөр бу тирэх пууннарбытыгар Саха сириттэн элбэх биир дойдулаахтарбыт үлэлии сылдьаллар», – диэтэ Айсен Николаев.
Москваҕа баар Бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэ иһинэн тэриллибит Биир кэлим сүрүннүүр киин байыаннай дьайыыга кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр ситимнээх үлэни ыытар. Итини этэн туран, Айсен Николаев Саха сирин тыһыынчанан олохтоохторугар, волонтердарга, урбаанньыттарга, ис сүрэхтэриттэн байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөлөрүн иһин махталын тириэрдэр.
Ил Дархан Аҕа дойдуларын көмүскүү уонна Арассыыйа инникитин туруулаһа сылдьар хорсун-хоодуот уолаттарбыт эр санааларынан, дьоруойдуу быһыыларынан киэн туттарын уонна кыайыы-хотуу көтөллөөх дойдуларыгар түргэнник төннөллөрүгэр баҕарарын эттэ.
Ааспыт Этиитигэр да эппитэ, бу көрсүһүүгэ да Айсен Николаев байыаннай дьайыыга хорсун быһыыны көрдөрөн, мобилизациянан байыаннай дьайыыга ыҥырыллыбыт 14 байыаннай сулууспалаахтан үһэ – саха диэн, киэн тутта бигэтик эттэ. Бу туһунан дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин эмиэ бэлиэтээн турар. Кыргыһыы хонуутугар хорсун быһыыны көрдөрөн, олоҕун толук уурбут Дмитрий Егоров туһунан эмиэ ахтан-санаан аастыбыт.
«Биһиги уолаттарбыт хорсуннарын-хоодуоттарын, кыайыы иһин олохторун кэрэйбэккэ да туран дойдуларын көмүскүүллэрин уонна бойобуой сорудаҕы уталыппакка толороллорун, Аҕа дойдуларыгар бэриниилээхтэрин көрдөрөр. Маннык хорсун буойуттардаах буоламмыт, хайаан даҕаны кыайыахпыт диэн эрэнэбин. Оттон манна биһиги сүрүн сорукпутунан – байыаннай сулууспалаахтарбытын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйөөһүн буолар», – диэн Ил Дархан эттэ.
Айсен Николаев дьадайыыны утары охсуһууга хамнаһы да, босуобуйаны да үрдэтэн кыайбаппыт диэн бэлиэтээтэ. Итиэннэ иккис болдьоххо талыллаат даҕаны дьадайыыны утары охсуһуу туһунан ыйаахха илии баттаабытын кэпсээтэ.
Дьадайыыны утары Бырабыыталыстыба 29 дьаһал бырайыагын ырытан оҥорбутун эттэ. Эрдэ уопсай ылан, ким дьадайыы таһымыгар, ким орто сиэринэн олорорун чопчу быһаарбакка, нэһилиэнньэ 20% дьадаҥы диэн саба быраҕан көмө оҥорор буоллахпытына, мантан инньэ кыһалҕалаах киһиэхэ чопчу көмө оҥоһуллуоҕа диэтэ Ил Дархан.
Онно хас биирдии нэһилиэк баһылыга эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһан, дьадаҥытык олорор дьоҥҥо чопчу көмөнү оҥорорго көмөлөһүө диэн этиитэ элбэҕи эрэннэрэр.
Суруналыыстар Айсен Николаевтан сымыыт боппуруоһугар сигэнэн, оҕо тэрилтэлэрин аһылыктарын хаачыстыбата тупсуо диэн ыйыттылар. Ил Дархан Айсен Николаев өр кэмнээх оҕо аһылыгын кыһалҕата быһаарыллар кэмэ кэлбитин эттэ. Онон оҕо уһуйааннарыгар, оскуолаларга уонна социальнай тэрилтэлэргэ аһыырга олохтоох бородууксуйаны киллэрэргэ Бырабыыталыстыбаҕа сорудахтаммыт.
«Мантан инньэ уһуйааннарга уонна оскуолаларга оҕолору олохтоох бородууксуйанан аһатыы боппуруоһугар соруйдум. Анал этиибэр бу туһунан эмиэ этэн турабын. Быйыл оскуолаларга нэдиэлэтээҕи аһылык көрүҥэр олохтоох ас-үөл киирэрин ситиһиэм. Федеральнай хонтуруоллуур тэрилтэлэри кытары бииргэ үлэлээн бу боппуруос быһаарыллыан сөп», – диэтэ Айсен Николаев.
Ил Дархан ол курдук судаарыстыбаннай сокуупканан олохтоох бородууксуйанан хааччыйыы өлүүтэ 25 %-н, оттон улуустарга – 50 % кырата суох буолуохтаах диэн тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Арктиканы уонна хотугу муора суолун таһаҕаһы тиэйиини сайыннарарга уһук хоту нэһилиэнньэлээх пууннар өрүстэрин пуордун чөлүгэр түһэриэххэ наада диэтэ суруналыыстары кытары көрсүһүүгэ Ил Дархан.
Арктиканы баһылааһын кэнники сылтан бэттэх эрэ тэтимнээхтик баран эрэр. Айсен Николаев Хотугу муора суолун баһылааһын, Арктикаҕа логистика-эргиэн кииннэрин, тирэх пууннары тэрийии – бу саҕалааһын бастакы түһүмэҕэ буоларын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Ил Дархан суруналыыстарга билигин сайдыы туһунан буолбакка, биһиэхэ билигин баар пуортары уонна кыахпытын чөлүгэр түһэрии туһунан этиэхтээхпит диэтэ. Хотугу муора суола өрөспүүбүлүкэ эрэ буолбакка, дойдуга бүттүүнүгэр улахан суолталаах. Тоҕо диэтэххэ, сааҥсыйалар кэмнэригэр муора суолунан эрэ аан дойдутааҕы таһаҕаһы манан хото таһар кыах баар. Хотугу муора суолун толору туһанарга – судаарыстыбаннай федеральнай көмө баар эрдэҕинэ – өрөспүүбүлүкэ өрүстэринэн сырыыны эмиэ сайыннарыахха наада диэн Ил Дархан кэскиллээх санаатын суруналыыстар биһирии ылыннылар.
Ахсынньы 31 күнүгэр Саха сиригэр тымныы өссө күүһүрүө. Саҥа дьыллааҕы түүнүгэр ордук тымныы буоларын сылыктыыллар. Дьокуускайга…
Е. Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы түмэлгэ ахсынньы 28 күнүттэн тохсунньу 13 күнүгэр диэри маастар-кылаастар, тиэмэлээх экскурсиялар…
Дьокуускайга полицейскайдар 36 саастаах эр киһини туттулар. Бу киһи ыаллыы олорор подъезка утуйа сытар киһиттэн…
Саха сиригэр 2025 сыллааҕы олохтоох көҕүлээһини өйүүр бырагыраама куонкуруһун түмүгүн таһаардылар. Куонкурус сайаапкаларын бу сыл…
Саха сиригэр социальнай ситимнэринэн Саҥа дьыл бырааһынньыктааҕы биллэр угуйугу санатар Саҥа дьылынан оҕолору эҕэрдэлиир видео тарҕанна. Бу…
2025 сыл сааһыгар өрөспүүбүлүкэҕэ “Будущие носители “Идэтийии” төрүт култуураҕа идэтийбит маастарыстыба I чөмпүйэнээтэ ыытыллыаҕа. [gallery…