Ил Түмэн онус уочараттаах пленарнай мунньаҕа саҕаланна
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) онус ыҥырыылаах пленарнай мунньаҕа саҕаланна. Пленарнай мунньах сэтинньи 27-28 күннэригэр буолуоҕа, уопсайа 52 боппуруос көрүллүөҕэ.
Бүгүн, сэтинньи 27 күнүгэр, пленарнай мунньах 10:00 ч. саҕаланна. Норуот дьокутааттара маннык сокуон барылларын көрүөхтэрэ:
— 2025 сылга уонна онтон кэлэр 2026-2027 сс. Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай бүддьүөтүн кэриҥэ;
— муниципальнай тэриллиилэрин сорох олохтоох салайыныыларын туспа судаарыстыбаннай боломуочуйаларыгар гражданскай турук аакталарын регистрациялааһыннарын тохтотор уонна «О наделении органов местного самоуправления городского округа, городских и сельских поселений Республики Саха (Якутия) отдельными государственными полномочиями на государственную регистрацию актов гражданского состояния» СӨ сокуонугар уларытыылары киллэрии туһунан;
— Саха Өрөспүүбүлүкэтин Экологическай кодексыгар уларытыылары киллэрии туһунан;
— «Об охоте и о сохранении охотничьих ресурсов» Саха Өрөспүүбүлүкэтин сокуонун 13.1 ыстатыйатыгар уларытыылары киллэрии туһунан;
— Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр арыгы бородууксуйаны эбии хааччахтааһын, биирдиилээн атыылааһын усулуобуйатын уонна миэстэтин олохтооһун туһунан уо. д. а.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: