Ил Түмэҥҥэ Е.П. Жиркову 70 сааһын туолбут үбүлүөйүнэн чиэстээтилэр
Бэс ыйын 10 күнүгэр Ил Түмэн мунньахтыыр саалатыгар Госдуума I ыҥырыылаах мунньаҕын дьокутаата, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин II, IV, V ыҥырыылаах мунньахтарын дьокутаата, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, педагогическай наука доктора, Арассыыйа Федерациятын уопсай үөрэҕин бочуоттаах үлэһитэ, Уус-Алдан, Өймөкөөн улуустарын бочуоттаах олохтооҕо Егор Петрович Жирков 70 сааһын томточчу туолбут үбүлүөйүнэн чиэстээтилэр.
Үөрүүлээх мунньаҕы Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков салайан ыытта. Кини киирии тылыгар Егор Петрович Жирковы үбүлүөйдээх күнүнэн эҕэрдэлээтэ.
– Егор Петрович толуу үрэх сүүрүгүн курдук туох да тыаһа-ууһа, долгуна суох, ньылыгыраччы устар олоҕу олорбут киһи буолбатах. Кини олоҕо саха өс хоһоонугар – уол оҕо биир күн ат уорҕатыгар, биир күн ат өрөҕөтүгэр диэн мындыр тэҥнээһинигэр толору сөп түбэһэр. Кини төрөөбүт Алданын өрүһүн курдук: эмиэ даҕаны чуумпу хочолордоох, эмиэ даҕаны таас хапчааннардаах, эмиэ даҕаны налыы сирдэрдээх. Ол гынан баран, күрүлгэнэ, хайыр тааһа, мин көрдөхпүнэ, ордук элбэх курдук гынан баран, билигин даҕаны кини олоҕо күлүмүрдээн, тыаһаан-ууһаан уста турар. Онон тиийиэхтээх эбэтигэр, суураллыахтаах, сүтүөхтээх, симэлийиэхтээх сиригэр өссө даҕаны тиийэ илик. Куллугураччы уонна, сорох сиригэр, бааллыран, долгуннуран Егор Петрович билигин даҕаны олох суолун устун дохсуннук устан иһэр. Онон киниэхэ долгуннаах, дьалхааннаах, түһүүлээх-тахсыылаах, иҥнигэстээх олоҕор ол харгылары, мэһэйдэри барытын этэҥҥэ туораан, өссө даҕаны иннин хоту дьулурҕаннык уста турдун! – диэн Александр Жирков эҕэрдэ тылыгар эттэ.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта – судаарыстыба тутулугар уонна сокуону оҥорууга сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Афанасий Владимиров бэйэтин дакылаатыгар Е.П. Жирков олоҕун суолун уонна үлэтин-хамнаһын туһунан кэпсээтэ.
Суверенитет ылыныллар күнүгэр, 1990 сыл балаҕан ыйын 27 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ Үрдүкү Сэбиэтэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Сүрүн сокуонун барылын ырытан оҥорорго хамыыһыйа тэрийбитэ, ол хамыыһыйа иһинэн тэриллибит үлэлиир бөлөх салайааччытынан Е.П. Жирков анаммыта.
1990 сыллаахха өрөспүүбүлүкэ үөрэҕин миниистирин солбуйааччытынан, 1992-1994 сыллардаахха өрөспүүбүлүкэ үөрэҕин миниистиринэн үлэлээбитэ. 1993 сыл бүтүүтүгэр Е.П. Жирков Саха Өрөспүүбүлүкэтиттэн Арассыыйа Судаарыстыбаннай Думатын дьокутаатынан талыллыбыта. Кини «Күндү металл уонна күндү таас туһунан» сокуон сүрүн ааптара. Е.П. Жирков дьокутааттыыр болдьоҕо туолбутун кэннэ Президент тосхоллоругар уонна стратегическай ресурсаларга Департамент дириэктэринэн–Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын миниистиринэн анаммыта (1997-2002 сыллардаахха). 1997 сыллаахха биир дойдулаахтара, Уус–Алданнар итэҕэйэн Е.П. Жиркову Ил Түмэн дьокутаатынан талбыттара. 1998 сыллаахха өрөспүүбүлүкэ Президенэ М.Е.Николаев Е.П. Жиркову Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенин Дьаһалтатын салайааччытынан, 1999 сыллаахха Арассыыйа Федерациятын Президенин иһинэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастайааннай бэрэстэбиитэлинэн анаабыта.
Е.П. Жирков салалтатынан оҥоһуллубут Национальнай оскуоланы тупсарыы уонна сайыннарыы Концепцията Арассыыйа Федерациятыгар бастакынан олоххо киирбитэ. Саха сирин уопута бүтүн Арассыыйа үрдүнэн тарҕанан Арассыыйа норуоттарын дьоһунун үрдэтэргэ уонна норуоттар икки ардыларыгар ытыктабылы уонна өйдөһүүнү бөҕөргөтөргө тирэх буолбута.
Афанасий Владимиров бэйэтин эҕэрдэтигэр Егор Жирков бэлиитикэҕэ, СӨ үөрэҕириитин эйгэтигэр эрэ буолбакка, промышленность сайдыытыгар улахан хамсааһыннары киллэрбитин уонна кини киллэрбит кылаата билигин да өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар үтүө түмүктэри аҕала турарын бэлиэтээтэ.
Салгыы Саха Өрөспүүбүлүкэтин Конституционнай суутун бастакы бэрэссэдээтэлэ, РФ үтүөлээх юриһа, СӨ бочуоттаах олохтооҕо Дмитрий Миронов Өрөспүүбүлүкэ Үрдүкү Сэбиэтэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Сүрүн сокуонун барылын ырытан оҥорорго Е.П. Жирков улахан үлэни ыыппытын кэпсээтэ. Кини Егор Петрович саҥаны билэргэ-көрөргө өрүүтүн дьулуһарын, дириҥ билиитин-көрүүтүн, кини сокуон, үп, биисинэс эйгэтигэр хорсуннук киирбитин уонна барытыгар үтүө түмүктэри ситиспитин кэпсээтэ. Егор Петрович араас хайысхаҕа барытыгар ылсан эдэр дьоҥҥо холобур буолар сүдү үлэни ыыппытын аҕынна.
Арктикатааҕы судаарыстыбаннай култуура уонна искусство институтун профессора, социологическай наука доктора, СӨ наукатын үтүөлээх деятелэ Ульяна Винокурова сүүрбэччэ сыл анараа өттүгэр Егор Петрович 50 сааһыгар анаан «Е.П. Жирков: сайдыы суолун солоон» диэн кинигэ суруйбутун аҕынна уонна бу кинигэни Ил Түмэн бибилэтиэкэтигэр бэлэх уунна.
– Бүгүн ураты күн, ураты тыыннаах үбүлүөй. Бүгүн биһиги бары бииргэ түмсэн Саҥа Саха сирин саҥалыы сайдыытыгар, Өрөспүүбүлүкэ Төрүт сокуонун ылыныыга, национальнай оскуола Кэнсиэпсийэтин киэҥ кэскиллээх суолтатын ыччаттарга арыйыыга сүҥкэн оруоллаах, М.Е. Николаевтааҕы кытта тэҥҥэ үлэлээн көҥүл санаа сырдык тыынын киллэрсибит саха биир чаҕылхай саарыныгар Е.П. Жирковка бэйэбит билиниибитин, махталбытын тиэрдээри муһуннубут. Инникитин да өркөн сытыы өйгүнэн, тобуллаҕас толкуйгунан, булгуруйбат туруулаһыыгынан сайдыы суолун солоон өрүүтүн ат уорҕатыгар буолан олох очурдарыттан иҥнибэккэ инниҥ диэки эрэллээхтик айаннаан ис!
Иркутскайдааҕы кыра кыамталаах базальтовай завод дириэктэрэ, Егор Петрович үөрэнээччитэ Дмитрий Донской этиниитэ мустубут дьон болҕомтотун тарта.
– 2006 сылтан саҕалаан Егор Петровичтыын көрсөн билсэн үлэлээбиппит. Кини биһигини — эдэр дьону мунньан үөрэтэн, бэйэбит сирбит баайын баһылааһыҥҥа, туһаҕа таһаарыыга олохтоох ыччат эмиэ ылсан үлэлиирэ көдьүүстээҕин быһааран, бииргэ үлэлээн, бириэмэни кытта тэҥҥэ хардыылаан саҥа технологиялары киллэриигэ биһигини уһуйбута. Сурьма собуотугар металлургияны саҥа технолгиянан баһылаан үлэлээбиппит. Ол кэннэ, өрөспүүбүлүкэҕэ, хотугу тыйыс тымныылаах сирбитигэр дьон чэпчэки, аныгы технологияны туһанан — базальт матырыйаалларынан сылаас дьиэ туттан быр-бааччы олорор усулуобуйаларын тэрийиигэ быһаччы ылсан үлэлээбиппит. Бу кэскиллээх технологияны өрөспүүбүлүкэҕэ сөргүтүөххэ наада диэн этиилээхпин. Тымныы тыйыс сиргэ олорор дьоҥҥо сылаас үллүк миэстэтигэр оҥорон таһаарыы олус наадалаах уонна ону өрөспүүбүлүкэ тас өттүттэн аҕалар сыыһа дии саныыбын. Ону дойдубут салалтата таба өйдөөн базальт собуотун үлэтин сөргүтүө диэн эрэнэбин. Егор Петрович Арассыыйа таһымыгар промышленность эйгэтигэр элбэх билэр киһилээх, киэҥник хорутан үлэлиир салайааччы буолар. Ити ылбыт уопуппунан, билиибинэн мин билигин Иркутскай уобаласка Ангарскайдааҕы собуот дириэктэринэн үлэлии сылдьабын. Сахабыт сиригэр эмиэ бэйэ оҥорон таһаарыытын сайыннаран, олохтоох ыччаттар бу кэскиллээх салааларга саллан турбакка күүскэ киирэн үлэлииллэрэ буоллар диэн баҕа санаалаахпын. Биһиги дойдулаах дьон экологияны, айылҕабытын, сирбитин-уоппутун харыстаан, саҥа технологиялары туттан кэлии дьонтон итэҕэһэ суох үлэлиэ этибит диэн бигэ санаалаахпын. Олоҕум суолун таба тайаммыппар Егор Петровичка улахан махталбын тиэрдэбин уонна бу үөрүүлээх түгэнинэн ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин!
«Ийэ тыл кэскилэ» общественнай тэрилтэ салайааччыта Вилюяна Никитина уларыта тутуу 90-с сылларыгар үөрэммит ыччаттар Е.П. Жирков Кэнсиэпсийэтин оҕолоро буолабыт диэн киэн тутта эттэ. Кини оччолорго сахалыы тыл саҥалыы тыын ылыытын кэмнэригэр бары предметтэри сахалыы үөрэппиттэрин кэпсээтэ.
– Физика буоллун, алгебра буоллун, эттиктэр күүстэрин, сабардамнарын суоттаан таһааран, сибэкки соҕооччугун куоппаһырдан, бэйэбит төрөөөбүт тылбыт баайын иҥэринэн, атын омук тылларын үөрэтэн, дьиҥнээхтии сахалыы өйү-санааны иҥэринэн, «Төрүт култуура», «Кыыс куо», «Үрүҥ уолан» курдук уу сахалыы предметтэри үөрэтэн сахалыы өйдөөх-санаалаах, бигэ туруктаах ийэ буолар кэрэтин, аҕа буолар суолтатын, дьахтар уонна эр киһи уратытын, сахабыт тылын сүөгэйин-сүмэтин иҥэриммиппит. Сахалыы тыыннаах, төрүт култуураны иҥэриммит, дууһатынан, өйүнэн-санаатынан ылыммыт ураты өйдөөх-санаалаах саҥа көлүөнэ дьон иитиллэн тахсыыларыгар Е.П. Жирков Кэнсиэпсиэйэтэ улахан оруолу оонньообута. 1990-ус сыллардааҕы уустук кэмҥэ национальнай оскуолалар Кэнсиэпсийэлэрин олоххо киллэрбитиҥ хас да көлүөнэ саха ыччатыгар сырдык эркээйи буолбута! Билигин саҥа үйэҕэ эн Кэнсиэпсийэҕиттэн тирэх ылан, сахалыы толкуйдаах, сахалыы тыыннаах чаҕылхай дьон өрөспүүбүлүкэ, норуот туһа диэн ньиргиччи үлэлии-хамсыы сылдьаллар.
Уус-Алдан улууһун баһылыга Василий Аммосов Егор Петрович төрөөбүт улууһун дьонун-сэргэтин, дьаһалтатын аатыттан истиҥ эҕэрдэтин тиэртэ. Кини Е.П. Жирков салайааччы, норуот дьокутаата, промышленник эрэ буолбакка, саха омугун инники дьылҕатын өтө көрөн «Ийэ тыл» өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсастыбаннай хамсааһын көҕүлээччитэ, саха тылын Кэнсиэпсийэтин судаарыстыба бэлиитикэтин быһыытынан былаас систиэмэтигэр, үлэтигэр киллэрбит, саха кэнгириэһин салайбыт, саханы сахалыы саҥарпыт, саҥа тыыны киллэрбит киһинэн ааҕабыт уонна киэн туттабыт диэн эттэ.
Ил Түмэн мунньахтыыр саалатыгар толору мустубут Е.П. Жирков биир дойдулаахтара, доҕотторо, чугас дьонноро, норуот дьокутааттара, общественниктар бу күн Егор Петровичка махтанан туран истиҥ эҕэрдэлэрин тиэртилэр, алгыстарын анаатылар.
Үөрүүлээх мунньаҕы түмүктүүр тылыгар Егор Петрович Жирков мустубут дьоҥҥо долгуйан туран дириҥ махталын тиэртэ уонна кылгастык норуотун инники кэскилигэр тохтоон санаатын үллэһиннэ.
– Биһиэхэ Сахабыт сиригэр, саха дьонун олоҕор ситэ тиийиммэппит, кыаммаппыт төрдө туохханый? Ол биһиги бытанан норуот быһыытынан тус-туһунан сылдьаммыт сананарбыт кыратыттан, толкуйбут быстаҕыттан. Ол биһиги, сахалар, былыргыбытыгар – олоҥхо курдук дириҥ улаҕалаах эрээри, бүгүҥҥүбүтүгэр – өйдөһөрбүт кэриэтэ өһүргэнэрбит баһыйарыттан, өйөһөрбүт оннугар өстөһөрбүт элбэҕиттэн. Санаабытын, баҕабытын сайдыы-үүнүү туһугар, сарсыҥҥы саргы аартыгар сатаан салайбаппытыттан. Кыахпытын, күүспүтүн кыайыы-хотуу туһугар кэхтибэт кэскил кэллин диэн кыһаллан холбообоппутуттан. Бу төрдө-төбөтө манна сытар – биһиги олохпут хаамыытын бэйэбит туорайдыыбытыгар. Хайа да омук санаатын түмэн үрдүккэ, сырдыкка талаһан сыалын ситиспэтэҕинэ, тус бэйэтин суолун булбатаҕына, суолтатын тобулбатаҕына, оннук омук үтүө сиэртэн туора хаамар, сүтэр, симэлийэр дьылҕаланар. Онон сахалар биһиги бу билиҥҥи кэскили тэринэр кэмҥэ, тускул тутар түгэҥҥэ сомоҕо санаабытын хайаан даҕаны булунуоҕуҥ, сайдар суолбутун хайаан даҕаны тобулуоҕуҥ!
Ил Тумэн пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: