Сунтаар улууһун Илимниириттэн икки киһи бэйэтин баҕатынан уонна икки уол бэбиэскэ тутан, быстах хомуурга ыҥырыллан барбыттара. Уолаттарга нэһилиэнньэ көмө харчыны хомуйан, 60 тыһыынча солкуобай кэриҥэ киирбитин туһунан улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Бу үбү хас биирдиилэригэр тыыран, 10-нуу тыһыынча солкуобай ыытылынна. Нэһилиэк кыттыспыт үбүттэн 14 000 солк. эмп-том ылылынна.
Кэрэ аҥаардар «Күбэйэ» түмсүү уонна «Дьулуур» култуура киинин үлэһиттэрэ туора турбакка, 20 устуука аптечка уонна 10 байыаннай рюкзагы тигэн, суһал ыстаапка туттардылар. Ону таһынан, «Рука помощи семьям мобилизованных» аахсыйа тэриллэн көмө үлэтэ бара турар. Ол чэрчитинэн, олохтоох дьаһалта үлэһиттэрэ уонна култуура исписэлиистэрэ Егоровтар дьиэ кэргэттэригэр кыһыҥҥы кыстыкка бэлэмнэниигэ икки массыына саһаан хайытан туруордулар. Петровтарга саһаанынан хааччыйыы үлэтэ барда.
«ОДьКХ» ГУП үлэһиттэрэ мобилизацияҕа барбыт уоллаттар дьиэ кэргэттэригэр ыраас мууһунан хааччыйдылар.
Тыыннаах харыйалар атыыга хаһан тахсыахтарай? Ахсынньы 14 күнүттэн "Якутлесресурс" баазатыгар, Кеша Алексеев аатынан уулусса 9/1…
Бу күннэргэ Дьокуускайга “Кино на службе Отечеству” норуоттар икки ардыларынааҕы көһө сылдьар бэстибээл ыытылла турар.…
Ахсынньы 11-12 күннэригэр Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикумугар “Инники идэҕэ хардыы” эдэр чинчийээччилэр XVIII пуорумнара буолан…
Ахсынньы 13 күнүгэр күнүс 13 чаас 05 мүнүүтэҕэ «Былааһы кытта кэпсэтии» «Тэтим» НКИХ «Саха» FM…
Судаарыстыбаннай Дуума бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Володин олохтоох бэйэни салайыныы саҥа федеральнай сокуон барылын эһиил дьүүллэһиэхтэрэ диэн…
Ититэр ситим турбатын самосвалынан алдьатыыттан Алдан оройуонун Улахан Ньымныыр бөһүөлэгэр хочуолунай үлэтин тохтоппут. Суоппар суол…